Атырдьах ыйын 1 күнэ. Гороскоп

Хой

Тугу барытын кыайыах, сатыах уонна өрө тутуох курдуккун. Сэниэн эбиллэн, күүһүн кыаҕыран турар кэмэ

Оҕус

Тулуйар кэмҥин ааһыан, барыта илииҥ таһынан ааһар курдук буолуо, кыратык хомулла түс

Игирэлэр

Урукку кэми барытын өйдүү сылдьаҕын, ол эрэн ол туһунан кэпсэтэргин ыарырҕатаҕын

Рак

Күннээҕи кыһалҕаны барытын быһаара охсон бүгүҥҥү киэһэни бэйэҕэр анаа: дууһалыын ырааһыр, санаалыын ырааһыр

Хахай

Эн сүрэххин биир киһи тоҥсуйар. Сүрэххэр киниэхэ суол арыйаргын арыйбаккын түргэнник быһаарын

Кыыс

Эн күннээҕи олоххор олорор олоххун мээнэ киһи тулуйуо суоҕа. Кыһалҕа үөскүүр түгэнигэр ыксаллаах быһаарыныыны оҥорума

Ыйааһын

Дьонтон бэйэҕин чорботума даҕаны атаҕастатыма даҕаны

Скорпион  

Эн саҕа элэккэй, ис киирбэх киһи бу күн сиригэр бүгүн суох, ол эрэн дьон саҥатыгар киирэн биэримэ.

Охчут

Туһалааҕы буолбахха тугу эрэ атыны толкуйдуу сылдьаҕын. Дьиэлээхтэргин кытары сыһыан этэҥҥэ

Чубуку

Элбэҕи этиэххин баҕараҕын эрээри тылын тиийбэт кэриэтэ, санаабыккын чопчу этэр ордук

Күрүлгэн

Бэйэн кыһалҕаҕын быһаара үөрэн дьоҥҥо сэлээннээмэ, эрэнимэ

Балыктар

Кэтэһэр олус сылаалаах эрээри, ол түмүгэр иҥэмтэлээх буолар.

Эҥсиэли телеграм-ханаал

This post was published on 01.08.2023 10:03 10:03