Атырдьах ыйын 19 — 26 күннэригэр Булуҥ улууһун Тиксиитигэр «Чистая Арктика» экология аахсыйата саҕаланар. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.
«Тэрээһин Тиксии бөһүөлэгэ тэриллибитэ 90 сылыгар ананар. Уонча федеральнай волонтер кэлэрэ былааннанар. Олохтоох волонтердар үлэлиэхтэрэ. «Арктиквтормет» тэрилтэ сотрудниктара, анал техникалара көмөҕө тахсыахтара», – Арктиканы сайыннарыыга миниистир Владимир Черноградскай кэпсээтэ.
«Чистая Арктика» бырайыагынан өрөспүүбүлүкэҕэ 2021 — 2023 сылларга 850 туонна металлолом хомулуна, 31 га иэннээх сир ыраастанна.
This post was published on 29.07.2024 16:01 16:01