Атырдьах ыйа уонна Айыы итэҕэлин үгэһин ситимэ

Бу ый былыргынан аһаҕас кэм. Дойду сахалара бу кэмҥэ оттообут отторун кэбиһэллэр. Оту кэбиһэргэ атырдьах элбэхтик туһаныллар. Ол иһин атырдьах ыйа диэн ааттаабыттар. Хотугу сахалар бу ыйга ыргахта (куйукта) элбэхтик үөскээн табаны эрэйдиирин бэлиэтээн, ыргахта ыйа диэбиттэр.


Атырдьах ыйыгар быйаҥ баһыллар кэмэ. Бу кэмҥэ саха итэҕэлинэн кэптэр диэн үөһэттэн түһэн, от-мас сүмэтин обороллор. Ити кэптэри этиҥ этэн, чаҕылҕан чаҕылыйан үүрэр. Атырдьах ыйа – үлэ кэмэ. Бу үлэ сылы аһатар.

Атырдьах ыйыгар күһүнү билгэлииллэр. Ынах, сылгы түүлүүрүнэн күһүн төһө уһуурун таайаллар. Талах хайдах үүммүтүнэн кэлэр кыһын хаар төһө халыҥыан билгэлииллэр.

Ый ардаҕа икки: сайыны иэҕэр самыыр (Ылдьыын), өксүөн түһүүтэ (Ыспааһап). Тыала биир: оту-маһы орохсутар тыал.

Бу ый олунньу ыйга тэгилэнэр. Ый алтыыта суох.

Атырдьах ыйа Таҥха үһүс оронугар олорор. Бу ыйга төрөөбүт киһи биһигэ ити ороҥҥо түһэр. Кини майгыта: эрчимнээх, истиҥ, түптээн өйдүүр, үлэтэ түмүктээх, быйаҥнаах, кырдьыксыт, хомоҕой тыллаах, сыыдам сырыылаах, айылыаттаах.

Атырдьах ыйыгар төрөөбүт оҕолорго, күннэринэн көрөн, маннык ааттары иҥэриэххэ сөп: 1, 2 – Күннэй, Уйгун; 3, 4 – Сарыада, Күндүмэн; 5, 6 – Айыына, Арчын; 7, 8 – Долгууна, Сандаман; 9, 10 – Барахсаана, Ньургун; 11, 12 – Тускулаана, Кэнчээри; 13, 14 – Талбаана, Кустук; 15, 16 – Ньургустаана, Харысхан; 17, 18 – Сайыына, Эрэл; 19, 20 – Саргылаана, Толлуман; 21, 22 – Уйгууна, Саргын; 23, 24 – Саймыына, Аман; 25, 26 – Байаана, Быйаман; 27, 28 – Дайаана, Таман; 29, 30 – Намыйа, Талбан; 31 – Мичийэ, Талбан.

Атырдьах ыйа Аан Дьааһын таҥаралаах. Бу ыйга сыллык, үлэ уонна дьиҥ диэн эйгэлэр сөп түбэһэллэр. Аан Дьааһын бэлиэтэнэр сыллара: 1992, 2004, 2016, 2028, 2040, 2052 уо.д.а.

Бу ыйга маннык үгэстэри, туомнары толоруллуохтаах. Атырдьах ыйын 2-3 күнүгэр Аан Дьааһыны олордуу буолар. Туом от-мас өҥүн харыстыырга, кырдьыгы көмүскүүргэ аналлаах. Ый 2-с күнүгэр сайын иэҕиллэр (Ылдьыын), кус оҕото улаатар. Ый 12-с күнүгэр дьэккэ киллэрии диэн туом буолар, 28 саастаах дьон дьэккэ киирэллэр. Дьэт диэн толору ситии-хотуу, киһи олоҕун өрөгөйө. Ый 14-с күнүгэр бурдук буһар (Ыспааһап). Оттон 19-с күнүгэр оту-маһы орохсутар тыал түһэр, күһүн саҕаланар. Ый 20-гэр – Амтан күнэ, сир аһын алгыыр күн. Аан Алахчыҥҥа хайыһыллар.

Атырдьах ыйын түс киһитэ Сээркээн Сэһэн буолар. Кини Орто дойдуга түһэн, муударас төрдүн олохтообут.

(А.Н.Павлов-Дабыл, Л.А.Афанасьев-Тэрис «Таҥха (Айыы итэҕэлин үгэһин ситимэ)» диэн брошюраларыттан).

This post was published on 02.08.2017 15:49 15:49