Атамай оскуолатын күөх үүнээйитэ таһырдьа тахсарын кэтэһэр

Сэбиэскэй Сойуус геройа В.Д.Лонгинов аатынан Атамай агро-оскуолата сайыҥҥы үлэтигэр бэлэм. Үөрэнээччилэр харантыын иннинэ олордубут сиэмэлэрэ аһын биэрэн эрэр.


Атамай орто оскуолата бэйэтин агро-хайысхатынан Горнай улууһугар бастыҥнар ортолоругар сылдьар. Тыа сирин үөрэҕин кыһата ылыммыт эбэһээтэлистибэтин толорон, оҕолор төрөөбүт сирдэригэр-буордарыгар эппиэтинэстээх буолалларыгар бырагырааматын туһаайар.

Былаан быһыытынан саас эрдэттэн күөх үүнээйини олордууга ылсаллар. Оҕолор харантыын иннинэ кылааhынан олордубут сиэмэлэрэ хайыы-үйэ улаатан, таһырдьа тахсалларын күүтэллэр.

Оскуола дириэктэрэ Мотрена Ефремова кэпсээбитинэн, бу үүнээйилэрин оҕолор остолобуойдарыгар сиэхтээхтэрэ. «Коронавирус дьаҥа тарҕамматын туһугар биллэриллибит миэрэлэри бары тутуһабыт. Оҕолор дьиэлэригэр олороллор. Дистанционно үөрэнэллэр. Интернеппит баар, электроннай сириэстибэлэринэн хааччыллыыны быһаарабыт. Оҕолор билигин үөрэнэллэрэ буоллар, остолобуойдарыгар итии аһынан хааччыллыахтаахтара. Үүнээйилэрин онно сиэхтээхтэрэ. Билигин барыта тохтоон турар. Нэһилиэнньэҕэ атыыга таһаарыахпыт диэн былаанныыбыт«, — диэн кэпсээтэ.

Оҕуруоту билигин үлэ үөрэҕин маастара Агафья Суханова көрөр-истэр.

This post was published on 16.04.2020 15:40 15:40