“Атамай” хаһаайыстыба быйылгы кыстыкка саҥа хотоннонно

Алексей Петров – Куорунай улууһугар биир бөдөҥ уонна бастакынан тэриллибит “Атамай” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга. Атамай нэһилиэгэр 24 бааһынай, урбаанньыт бас билиилэригэр 576 ынах сүөһү, ол иһигэр 211 ынах баар эбит буоллахтарына, улахан аҥаарын кини иитэр: 132 ынахтаах, 100-тэн тахса быйылгы төрүөх ньирэйдээх уонна 90-ча субан сүөһүлээх. Быйыл сайын нэһилиэги, улууһу, өрөспүүбүлүкэни аймаабыт үлүгэрдээх уот Петров хаһаайыстыбатын эмиэ тумнубата.

“Атамай” кытарарга сүүс ыанньык ынах турар хотонун уонна уу баһар массыынатын былдьатта. Алексей Алексеевич ити хотонун 2012 сыллаахха “Бааһынай хаһаайыстыба базатыгар дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыы” федеральнай бырагыраама куонкурсугар бастакынан киирсэн кыайбыт гранын үбүгэр (3,3 мөл. солк.) эбии баантан 10 мөл. солкуобайы кирэдьииккэ ылан туттубута.

Саҥардыы төлөһөн бүтэн, иэстэн-күүстэн төлөрүйэн, ыраас барыска дьэ тахсан үлэлээн-хамнаан эрдэҕинэ, уот имири сотон ааста. Тимир каркаастаах хотоҥҥо ТСН, автодойка, автопоилка барыта үлэлии турбуттара.

Чуолкайын эттэххэ, Алексей Петров улахан хаһаайыстыбата манна, Бэс Күөлүн Кэскил түөлбэтигэр, кыстыкка биирдэ көһөн киирэр. Сүөһүлэрин сайын бөһүөлэктэн 2,5 көс тэйиччи сытар Ытык Эбэҕэ баар сайылыгар тутар эбит. Бөдөҥ пиэрмэр сайылыкка билигин 90 ынах ыана турарын, арыы сыаҕар үүттэрин сүөгэйинэн киллэрэн туттаралларын билиһиннэрдэ. Ойуур уота Ытык Эбэҕэ эмиэ суоһуу сылдьыбыт.

Ол араллааҥҥа 60-ча субана уоттан куотан, бэйэтэ этэринэн “стресстээбит”, куттаммыт аатыран, тыаҕа түспүттэр уонна күн бүгүнүгэр диэри биллэ иликтэр. “Ханна барыахтарай, хаар түстэҕинэ киириэхтэрэ” диэн кини холку.

«Уот кимэрин саҕана бөһүөлэккэ баар этим. Уу баһар массыынабын бэйэм ыыта, уоту кытта охсуһа сылдьан былдьаттым. Дьиэм-уотум үөһэ бөһүөлэккэ баар буолан, чөл хаалла», — диир Алексей Алексеевич

Түөлбэ уһугар баараҕай хотон тутулла турара киһи хараҕар ыраахтан быраҕыллар. Хаһаайыстыба салайааччыта билиһиннэрэринэн, бу 90 миэтэрэ уһуннаах, 12 миэтэрэ туоралаах хотоҥҥо сүүс ыанньык ынах туруохтаах. Өссө ойоҕоһугар сыһыары ыаммыт үүт мунньуллар, сойутуллар уонна үлэһиттэр сынньанар-аһыыр, суунар-тараанар хостордоох “подсобкалаах».

Бу тутуу аҥаардас бэйэтэ 15 х 17 м иэннээх. Ону өссө уруккубунааҕар кыра, хотоно кэҥэс диир. Умайбыт хотонун олоҕуттан билиҥҥитин, дьиэлэртэн олус чугас диэннэр, сүүсчэ миэтэрэ тэйиччи туруортарбыттар. Уот баҕаната турбут. Гааһын ситимэ ыраатан биэрбит. Билигин “Эрчим-Строй” тэрилтэ 1,5 мөлүйүөҥҥэ бырайыагын оҥоро сылдьар.

Саҥа улахан тутуу, матырыйаалын киллэрэн туран, 45 мөл. солкуобайынан быһыллыбыт. Ол үбүн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ пиэрмэр Алексей Петров счетугар түһэрбит. Онон тутааччылары кытта бэйэтэ быһаччы аахсар.

Бу үлэҕэ Кан Терешкин салайааччылаах “Хаҥалас-Тутуу” ХЭУо ылсыбыт. Кан Владимирович тэрилтэтэ чэпчэки ыстаал тимиринэн (ЛСТК) таҥан тутууга улахан үөрүйэхтээх. “Туймаада” хампаанньа нөҥүө өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар элбэх комплексы тутан киллэрбиттэрэ. Бэс Күөлүгэр “Атамай” хаһаайыстыбаҕа тутар комплексын 19-с эбийиэгим диэн ааҕар.

“Маннык технологиянан тутарбар уонна Кан Владимировиһы буларбар ыаллыы Кэбээйи улууһугар “Ворошилов” диэн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр бөдөҥ бааһынай хаһаайыстыбалаах Аксиния Левина сүбэлээбитэ. Кини уолугар  түргэнник, хаачыстыбалаахтык тутан биэрбиттэр этэ. Тутааччылар үөрүйэх буоланнар, түргэттэр. Ардахтаан бытаардылар. Бетонун үлэтэ бүтэн эрэр. Бу күннэргэ сэндвич-панелларын бүрүйүөхтээхтэр. Тутуу үлэтэ алтынньы 10 күнүгэр түмүктэнэн, сүөһүбүн-аспын кыстыкка саҥа  хотоҥҥо олохтуурга эрэллээхпин”, – диир “Атамай” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга.

Нэһилиэгин ааттатар, улуус, өрөспүүбүлүкэ киэн туттар хаһаайыстыбатыгар 10-ча киһи үлэлээн, хамнастанар. Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев көҕүлээһининэн Саха сиригэр бааһынай хамсааһынын төрүттэспит, атаҕар туруорсубут Иннокентий Пахомов “нэһилиэк ахсын 3-5 сис бааһынайдар баар буолуохтаахтар, кэнэҕэс кинилэр нэһилиэк сайдыытын муоһалыахтара” диэн идиэйэни өрүү этэрэ, суруйара.

Ол идиэйэни олоххо бигэтик киллэрэ сылдьар бэриниилээх пиэрмэрдэртэн биирдэстэрэ бу Алексей Петров буоларыгар саарбахтаабаппын. Өрөспүүбүлүкэ “Атамай” хаһаайыстыба хоромньутун оһорууга ороскуоттаабыт үбэ уон-сүүс бүк үрүҥ илгэ буолан эргиллиэҕэ, ulus.media саайтка олоҕуран, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ суруйда.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэригэр: “Атамай” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Алексей Петров уонна кини саҥалыы, аныгылыы тутулла турар хотонун комплекса.

This post was published on 22.09.2021 16:27 16:27