«Атах тэпсэн олорон»: Саха театра ыччакка ускуустуба эйгэтин билиһиннэрэр

Артыыс уонна учуутал идэлэрэ алтыһар түгэннэрдээҕин Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж устудьуоннара Саха театрын артыыстарын кытта аһаҕас кэпсэтиигэ бэлиэтии көрдүлэр. Кырдьык, айар эйгэлээх идэлэр турукка сылдьыыны, уобараска киириини, дьоҥҥо-сэргэҕэ дьайар кыахтаах буолууну ирдииллэрэ саарбаҕа суох.

Ол курдук, кулун тутар 29 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын көрсө былааннаммыт тэрээһиннэр чэрчилэринэн, П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театра С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж устудьуоннарыгар ыалдьыттаата. Көрсүһүүгэ саха норуотун киэн туттуулара, «Улуу убайдарбыт» диэн ытыктаан ааттыыр дьоммут: Былатыан Ойуунускай, Алампа Сопуруонап, Өксөкүлээх Өлөксөй, Махсыым Оммуоһап уобарастарын толорор артыыстар –   СӨ үтүөлээх артыыһа Дьулустаан Семенов,  СӨ култууратын туйгуна Николай Протасов, эдэр кэскиллээх артыыстар Александр БорисовВячаслав Лавернов уонна театр сүрүн режиссера, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Руслан Тараховскай кыттыыны ыллылар.

Руслан Игоревич учуутал идэтигэр уһуйулла сылдьар эдэркээн дьоҥҥо саха саарыннара өрөспүүбүлүкэ автономията олохтоноругар уонна театр историятыгар сүҥкэн кылааттарын туһунан билиһиннэрдэ, онтон артыыстар устудьуоннаабыт кэмнэриттэн, идэлэрин хайдах саҕалаабыттарын, баһылаабыттарын туһунан сэһэргээтилэр. Ордук оҕолор ыйытыктарыгар хоруйдаан, уобараска киирии уустуктарын, элбэх тылы нойосуустааһын кистэлэҥнэрин билиһиннэрдилэр, идэни таба тайаныы олоххо быһаарар оруоллааҕын туһунан санааларын үллэһиннилэр. Ол кэмҥэ Саха театрын худуоһунньук-гримера Айталаана Сергеева кэпсэтии кыттыылаахтарыгар артыыстары уобарастарыгар чугаһатан чочуйуу маастарыстыбатын билиһиннэрдэ.

Режиссер Руслан Тараховскай Саха театрыгар быйылгы бэлиэ сылга өссө икки саҥа испэктээкил турар былааннааҕын билиһиннэрдэ. Ол курдук, Саха театрын бастакы дириэктэрэ, саха литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, талааннаах драматург, таптал таҥаралаах лирик поэт Анемподист Сопуруонап – Алампа уонна Саха Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин олохтоспут, Киргизия уонна Казахстан уобаластарын салайааччытынан үлэлээбит Махсыым Оммуоһап олохторун, Сахабыт сирэ сайдыытыгар кылааттарын, оччотооҕу кэм ыар тыынын туһунан ыччакка, дьоммутугар-сэргэбитигэр билиһиннэрэр кыахтаныахпыт.

Саха театра уонна педколледж Саха АССР 100 сылын көрсө, өссө былырыын сөбүлэҥ түһэрсэн тураллар. Ыаллыы турар тэрилтэлэр эдэр көлүөнэни өй-санаа уонна духуобунас таһымыгар иитэр сыалтан ситимнээх уонна тиһиктээх үлэни саҕалаатылар. Ааспыт өрөбүллэргэ үс куурус устудьуоннара «Бүтэһик малыыппа» диэн И.Вилквист пьесатынан режиссер Василий Борисов туруорбут испэктээкилигэр сырыттылар. Онтон сотору кэминэн кинилэргэ анаан Саха театрын түмэлигэр экскурсия тэриллиэ. Мантан саас холбоһуктаах үлэ икки тэрилтэ – арыыстар уонна устудьуоннар кыттыылаах «Семинария паартатыттан автономия трибунатыгар» диэн театрализованнай туруоруунан түмүктэниэ. Режиссер быһыытынан С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж уһуйааччыта, СӨ култууратын туйгуна Иван Новиков, онтон Саха театрын өттүттэн артыыс Илья Стручков үлэлиэхтэрэ.

Көрсүһүү Руслан Тараховскай Алампа Сопуруонап хоһоонноругар суруйбут ырыаларын Илья Стручков уонна Александр Борисов толорууларынан түмүктэннэ.

Сиибиктэ Петрова,

П.А.Ойуунускай аатынан

Саха академическай театрын

пресс-сулууспата

This post was published on 31.03.2022 12:01 12:01