Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрин чэрчитинэн, «Сокровища Якутии» өрөспүүбүлүкэ норуоттарын искусствоҕа уонна култуураҕа айар оҥоһуктарын быыстапката буолар. Норуот маастардарын, тимир уустарын, ювелирдар оҥоһуктара бааллар.
«Симэх» национальнай киин дириэктэрэ Яна Игнатьева эппитинэн, Евразия норуоттарын култууратыгар ат культун тиэмэтэ ордук болҕомтону ылар. Туспа болҕомтону тимир уустарын оҥоһуктара тардар. Муос маастардарын Федор Марков, Александр Винокуров, Алексей Андреев уонна да атыттан дьүһүйүүлэрин дьон интэриэһиргиир.
Быыстапка киэн туттуутунан «Вышитая карта Якутии» буолла. Манна Саха Өрөспүүбүлүкэтин оройуоттарын, норуоттарын уонна үгэстэрин көрдөрбүттэр.
«Быыстапка интэриэһи үөскэттэ. Холобур, биһиги «Симэх» киин Астана куоратын ремесленничество киинин кытта бииргэ үлэлииргэ докумуоҥҥа илии баттастыбыт. Холбоһуктаах бырайыактары ыытыахпыт, ол иһигэр кэлэр сылга «Наследие предков» диэн сылгыга сыһыаннаах Евразийскай бэстибээл тэриллиэҕэ», — диэтэ Яна Игнатьева.
This post was published on 22.04.2024 10:25 10:25