Саха сиригэр астаммыт ас эргиирэ 2022 сыл 9 ыйыгар 23 млрд 283 мөл солк буолла, диэн суруйда «Ассоциация гостеприимства республики» тэрилтэ. 2021 сыл ити кэмигэр эргиир — 18 млрд 808 мөл солк. Чинчийиини өрөспүүбүлүкэ ресторатордарын уонна отельердарын Национальнай ассоциацията тэрийдэ.
Тохсунньу 18 күнүгэр тэрилтэ үлэлээбитэ 10 сыла буолла. Саха сирин ас астааһыныгар 2834 дьоҕус уонна орто предпринимательство субъега үлэлиир. Дьокуускайга — 579, ол иһигэр 96 ресторан.
«Ассоциация пандемия ыарахан кэмигэр предпринимателлэр интэриэстэрин көмүскээбитэ. Биһиги күүспүтүнэн хонтуруоллуур-кэтээн көрөр уоргаттар өттүлэриттэн дьайыыны сымнаппыппыт. Чахчы үлэлиир өйөбүл миэрэлэр ылыллыбыттара. Баар геополитическай балаһыанньаҕа дойдубут туһугар бары бииргэ тутуһан үлэлииргэ, сайдарга дьулуһабыт, оччоҕуна кириисистэри тулуурдаахтык туоруохпут», — диэтэ ыалдьыттары көрсүүгэ Ассоциацияны тэрийээччи, салайааччы Татьяна Тымырова.
Кини өрөспүүбүлүкэҕэ туризмы сайыннарыыга ылсан үлэлиир предпринимателлэргэ махтанна, ассоциация ордук көхтөөх чилиэттэрин бэлиэтээтэ: Марианна Андреева, Николай Атласов, Татьяна Гармаш, Иннокентий уонна Нюргустана Лукиннар уо.д.а.
This post was published on 19.01.2023 10:28 10:28