“Ас-үөл – 2022” түмүгэ: асчыттарга “Сыа Бүлүү”, улуустарга Мэҥэ Хаҥалас бастааннар, былаахтаах бардылар

“Ас-үөл – 2022” өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥкаҕа кыттыбыт 170-ча тэрилтэттэн, хаһаайыстыбаттан ким ордугун талар, биллэн турар, уустук. Ол эрээри, астыыр-үөллүүр салааҕа идэтийбит исписэлиистэртэн, эспиэрдэртэн турар элбэх киһилээх хамыыһыйа чилиэннэрэ куонкуруска киирбит боруобалары лабораторияҕа анаалыстааһын түмүктэригэр олоҕуран уонна бэйэлэрэ амсайан бараннар, маннык быһаардылар. “Үрдүк хаачыстыбалаах аһылык бородууксуйатын астааһын иһин” куонкурус 18 номинациялаах. Ол ахсын 3-түү бастыҥҥа диплом туттарыллыбытыттан кыайыылаахтары эрэ ааттыыбыт:

Сыры астааһыҥҥа – “Сыа Бүлүү” ТХПК; Саха үүттэн аһылыгар – “Таатта” ТХПК, от үөрэтин иһин; Ынах арыытыгар – “Алаас Ас” ТХПК (Мэҥэ Хаҥалас); Сүөгэйгэ – “Баай Ас” ТХПК (Таатта), 34 %-наах чөчөгөйүн иһин; Аһытыллыбыт үүттэн бородууксуйаҕа – “Дьокуускайдааҕы үүт собуота” ХЭУо, клубникалаах йогуртун иһин; Иэдьэгэйгэ – “Хоту” ТХПК (Мэҥэ Хаҥалас); Халбаһы оҥоһуктарга – “Түмэн” ТХПК (Дьокуускай), убаһа этиттэн “Сандал” салямитин иһин; Дэликэтиэс оҥоһуктарга – Хатастааҕы сибиинньэ комплекса, ыыһаммыт аҥаардаах сибиинньэ ойоҕоһун иһин; Эттэн полуфабрикаттарга – “Пиэримэр-Ас” бааһынай хаһаайыстыба (баһылык Алексей Герасимов, Дьокуускай), сүөһү этиттэн “Дьиэтээҕи” кэтилиэттэрин иһин; Арыгыта суох утахтарга – “Амма” ТХПК, уулаах отонтон муорсун иһин; Ыраас ууга – “Хоту” ТХПК, “Арт АКВА” иһэр уутун иһин; Сир аһыттан астааһыҥҥа (барыанньа, джем) – “Сыа Бүлүү” ТХПК, уулаах отонтон барыанньатын иһин; Сир аһыттан астааһыҥҥа (сироп) – “Тирэх” ТХПК (Сунтаар), сугунтан сиробун иһин; Балыгы астааһыҥҥа – Н.Е. Андросов аатынан МУТ (Анаабыр), кыратык тууһаммыт муксунун иһин; Килиэби уонна килиэп-буулка оҥоһуктары астааһыҥҥа – урбаанньыт Андрей Окороков, “Амма” килиэбин иһин; Минньигэс оҥоһуктары астааһыҥҥа – “Чурапчы” ХЭУо, сыр-сүөгэй кириэмнээх “Классическай” рулетын иһин; Мүөтү астааһыҥҥа – урбаанньыт Алина Заморщикова (Хаҥалас), “Буотама” мүөтүн иһин; Сымыыты оҥорон таһаарыыга – Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката, “Талыллыбыт” сымыытын иһин.

“Сиртэн үрдүк үүнүүнү ситиһии иһин” куонкурус соҕотох номинациялаах: “Хортуоппуйу уонна оҕуруот аһын үүннэрэр бастыҥ хаһаайыстыба” диэн. Урбаанньыт-бааһынай Наталья Зотова (Дьокуускай) I, урбаанньыт-бааһынай Розалия Петрова (Хаҥалас)II, бааһынай Владислав Мордовской (Уус Алдан)III истиэпэннээх дипломнары туттулар.

Аграрнай хайысхалаах оскуолаларга ким үчүгэй үлэлээҕин эмиэ быһаардылар. М.Е. Новиков дириэктэрдээх Модут орто оскуолата (Нам) бастаата. Иккис – М.Т. Егоров аатынан Үөһээ Бүлүү 2-с №-дээх орто оскуолата, дириэктэр А.Н. Федоров, үһүс – Н.И. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолата (Амма), дириэктэр А.С. Иванова.

Бүттүүн түмүккэ АПК астыыр-үөллүүр тэрилтэлэрин уонна улуустар, куораттар ортолоругар ким кыайбытын таһаараллар. Асчыттарга Бүлүү улууһуттан “Сыа Бүлүү” ТХПК бастаата. Муниципальнайдарга Мэҥэ Хаҥалас улууһа баһыйда. Бастаабыттарга ааспыттааҕы кыайыылаахтар Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын уонна Сунтаар улууһун бэрэстэбиитэллэрэ көһөрүллэ сылдьар былаахтары (сэбиэскэйдии эттэххэ, знамялары) туттардылар.


Василий Никифоров

Улус медиа

This post was published on 26.09.2022 09:01 09:01