Кини бөһүөлэк аттынааҕы кыра күөллэргэ андаатары, кырынааһы, солоҥдону бултаһар. Билигин чугас эргин кэлии-барыы элбээн, элбэҕи бултуур уустук. Ол да буоллар күтүөтүм байанайдаах, дьулуурдаах буолан 2015 сыл күһүн балайда бултуйбута.
Бу күннэргэ кини туутуттан маҥан андаатары ылан, улаханнык соһуйда да, үөрдэ да. Кыра эрдэҕиттэн булка эриллибит киһи: “Былыр аҕам маҥан тииҥ тириитин уура сылдьарын көрөр этим. Маҥан андаатар баарын эмиэ билэр этим, ол гынан баран, миэхэ түбэһиэ дии санаабатаҕым. Урут маҥан андаатары музейга көрбүттээхпин”, — диир.
Агей Ивановичка байанайа өссө да булду тосхойдун диэн суруйуубун түмүктүүбүн.
This post was published on 26.01.2016 11:38 11:38