Олимпийскайа суох ыйааһыннар категорияларыгар аан дойду чемпионата Албанияҕа буолар. Көбүөргэ Парижтааҕы Олимпийскай оонньууларга кытыбыттар киллэриллибэтилэр.
Арыйан Тютрин 61 кг диэри бэйэтин холонно, эрдэ норуоттар ардыларынааҕы ареналарга мэтээллэрин 57 кг диэри ылбыта. Бастакы эргииргэ Монголия бэрэстэбиитэлэ Цогбадрах Цевенсурен саха бөҕөһүгэр утары киирдэ. Сытыы киирсиитэ суох тустуу түмүктэннэ. 1:1 буолбутугар Цевенсурен Тютрины үтүөлүү сатаата, онуоха саха бөҕөһө контратакаҕа киирдэ, ити эрээри приемун ситэри оҥорбото. Түмүгэр арбитр монголга өссө биир баалы биэрэр, саха тустуугун «уота-күөһэ суох тустар» диэн матыыптаан. Онон монгол туһатыгар 2:1 ахсаанынан киирсии түмүктэннэ.
Ньургун Скрябиҥҥа (70 кг, эмиэ ыйааһынын улаатыннарда) иранец Сина Махди Халили киирэр. Иран бөҕөһө баһыйа тутарын көрдөрөр, ахсаан кини туһатыгар 10:0 түмүктэнэр.
Саха тустууктарын утарсааччылара финалга тахсар түгэннэригэр, Тютрин уонна Скрябин «утешительнайга» киирсэр кыахтаналлар, бүгүн буолар.
This post was published on 31.10.2024 10:01 10:01