Арыйан Тютрин Парижтааҕы Олимпийскай оонньууларга кыттыбат буолла

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирин тустууга Арыйан Тютрин Парижтааҕы Олимпиадаҕа кыттыбат буолла. Аан дойду аренатыгар Беларуссияны көрдөрөр спортсмен аан дойдутааҕы олимпийскай кэмитиэт (МОК) ыҥырыылаахтарын испииһэгэр киллэриллибэтэ.

Информацияны Беларусь тустууга Федерацията бигэргэттэ, суруйда ЯСИА.

Санаттахха, Арыйан Тютрин Олимпиадаҕа путевканы муус устарга ылбыта. Кини Европейскай квалификационнай турнирга ситиһиитинэн путевканы илиитигэр туппута. Олимпиадаҕа 57 кг диэри кыттыахтааҕа.

Олимпийскай оонньууларга кыттар Белоруссия атлеттарын бастакы испииһэгэ бэс ыйын 15 күнүгэр биллибитэ. Кинилэр ортолоругар Арыйан Тютрин аата суох.

«Ол күн Белоруссия тустууга федерацията Национальнай олимпийскай кэмитиэти кытта биһиги спортсменнарбытыгар сиэрэ суох быһаарыыга бырачыастааһыны уонна сөпсөспөт буолууну биллэрбитэ. Быһаарыы Олимпийскай хартияны төрдүттэн утарар. Бары спортсменнар бу иннинэ тустуу норуоттар ардыларынааҕы федерациятын (UWW) бэрэбиэркэтин ааспыттара уонна квалификационнай турнирга киллэриллибиттэрэ. Онно кинилэр чиэһинэй киирсиигэ Олимпийскай оонньууларга кыттар быраабы ылбыттара. Ити эрээри хас биирдии спортсмен тус дьыалатын, НОК киллэрбит аргуменнарын учуоттаан, хат көрөн баран,  МОК болҕомтоҕо ылбата уонна сиэрэ суох быһаарыытын уларыппата», — диэн эттилэр Беларусь тустууга федерацита.

Арыйан Тютрин, экспертэр сыанабылларынан, Олимпийскай оонньууларга мэтээл ылар шанстааҕа, кини 2021 сыллааҕы аан дойду чемпионатын боруонса призера, аан дойду Кубогын хаһаайына, норуоттар ардыларынааҕы турнирдар кыайыылаахтара.

This post was published on 27.06.2024 10:01 10:01