Саха сириттэн Арыйаан Тютрин Беларусь сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киирэн, көҥүл тустууга Европа чемпионатыгар кыттар буолла. Суолталаах старт муус устар 7 — 13 күннэригэр Словакияҕа буолар. Ол туһунан хамаандалары бэлэмниир спорт киинэ суруйда, иһитиннэрэр ЯСИА.
Арыйаан Тютрин «Стайки» спорт баазатыгар утарыта киирсиигэ Димчик Батомункуевы кыайбыта. Онон хамаанда састаабыгар киирэр. Бөҕөс 57 кг диэри ыйааһыҥҥа кыттар.
Санаттахха, кулун тутар 29 күнүгэр Виктор Рассадин уонна Айаал Белолюбскай Азия чемпионатыгар кытталлар.
This post was published on 26.03.2025 10:08 10:08