Ыам ыйын 16 күнүгэр Саха сиригэр арыгыта суох олох Россиятааҕы хамсааһынын көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ Игор Бачинин кэлиэҕэ.
Екатеринбург куораттан төрүттээх протоиерей, педагогическай наука кандидата чөл олоҕу олоххо киллэриигэ олоҕун анаата. Ол курдук, 27 сыл устата арыгыттан уонна наркотиктаах тутулуктаах дьоҥҥо көмөлөһөр.
Игор Владимирович ыам ыйын 16-20 күннэригэр үлэлиир бырагыраамата киэҥ. Ол курдук, киин куоракка оҕолору уонна ыччаты кытары үлэлиир учууталлар уонна преподавателлар идэлэрин үрдэтэр куурустарын тэрийиэҕэ. Кини бу салааҕа баай уопуттаах. Үгүс ахсааннаах бырайыактарыттан биирдэстэрин – «Доруобай буол» бырайыагы сыл аайы Свердловскай уобалас оскуолаларыгар билиһиннэрэригэр 7 тыһыынчаттан тахса үөрэнээччи сэргээн истэр.
Игор Бачинин былаанын быһыытынан, Жатайга «Маяк» Култуура дьиэтигэр лекция ааҕыаҕа. Санатан эттэххэ, Жатай б. муус устар бүтүүтэ арыгыта суох олоҕу тарҕатыыга уонна арыгылааһыны, табахтааһыны сэрэтиигэ сөбүлэһии түһэрсибитэ.
Протоиерей ону сэргэ уопсастыбаннаһы, сонуну киэҥник тарҕатар уорганнар бэрэстэбиитэллэрин, таҥара дьиэтин прихожаннарын, «Чөл олохтоох Саха сирэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай хамсааһын чилиэннэрин кытары көрсүөҕэ.
Игорь Бачинин ыам ыйын 16 күнүгэр Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Өксөкүлээх Өлөксөй «Арыгы» хоһооно суруллубута 100 сылыгар анаммыт «Кубулҕат» испэктээкилгэ сылдьыаҕа. Көрөөччүлэр испэктээкил кэнниттэн лекция истиэхтэрэ.
Духуобунас лидерэ салгыы Ленскэйгэ уонна Мирнэйгэ социальнай үлэһиттэргэ, учууталларга уонна дьаһалта үлэһиттэригэр лекциялары ааҕыаҕа.
This post was published on 13.05.2016 15:48 15:48