Арыгыны утары ылыллар дьаһаллар туһалаахтар

РФ Роспотребнадзора иһитиннэрэринэн, Арассыыйаҕа кэнники 7 сылга арыгыны иһии ахсаана биллэ аҕыйаата. Ити испиирдээх утахтары иһиини аҕыйатыыга судаарыстыба ылар дьаһаллара туһалыылларын көрдөрөр.


2009 сылы кытта тэҥнээтэххэ, арыгылаах утах 9 бырыһыанынан аҕыйах атыыланар буолла (биир киһиэхэ тиксэринэн). Ситэрэн этэр буоллахха, арыгылааһын кэнниттэн өлүү ахсаана 25% аҕыйаата. Куһаҕан дьаллыгы эмтиир диспансердарга учуокка турааччылар ахсааннара эмиэ 11% кыччаабыт.

Саха сиригэр ыытыллыбыт социологическай ыйытык көрдөрбүтүнэн, нэһилиэнньэ 42,2% өрөспүүбүлүкэҕэ арыгылааһыны утары охсуһуу дьаһалларын биһириир. Ыйытыллыбыт дьон 22% аҕыйахтык иһэр буолбутун бигэргэтэр (2009 с. — 6,4%, 2014 с — 14,7%).

This post was published on 03.08.2016 18:10 18:10