Арыгыны атыылыыр маҕаһыыннар от ыйын 1 күнүттэн судаарыстыба хонтуруолунан хабыллыахтара

Итирдэр утаҕы атыылыыр маҕаһыыннар от ыйын 1 күнүттэн ыла төһө арыгыны батарбыттарын биир кэлимсэ государственнай автоматизированнай информационнай систиэмэҕэ бэлиэтиэхтэрэ. Этиловай испиирдээх, итирдэр утахтар, ол иһигэр пиибэ эргиирин судаарыстыба ити курдук хонтуруоллуоҕа.


Систиэмэ билиҥҥитэ тыа сиригэр баар маҕаһыыннарга үлэлээбэт. Биир сыл иһигэр бу олоххо киириэхтээх.

Арыгыны атыылыырга көҥүллээх предпринимателлэр долгутар ыйытыктарыгар госхонтуруол управлениета бүгүн, сарсын толору хоруйдары биэриэҕэ.

Саҥа саҕалааһыны утарбыт предприниматель административнай эппиэккэ тардыллыаҕа.

Систиэмэҕэ бэлиэтэммэтэх атыы сокуоннайа суоҕунан ааҕыллар.

This post was published on 30.06.2016 15:36 15:36