Бииргэ арыгылааһын түмүгэр ыар буруйу оҥорбут хас да киһиэхэ суут бириигэбэрдэрэ таҕыстылар.
Ленскэй куорат олохтооҕо киһиэхэ үчүгэйи оҥорбут “махталыгар” өлөрүү сиэртибэтэ буолбут. Суут быһаарбытынан, кини олорор сирэ суох киһини аһынан, сылы быһа дьиэтигэр олордубут. Бу дьыл олунньу 16 күнүгэр дьукааҕа итирэн, кыыһырсан баран, дьиэлээх хаһаайыны сутуругунан 11-дэ төбөҕө уонна 40-на этигэр-сиинигэр бүтүннүү охсон-кырбаан, миэстэтигэр тыынын быспыт. Суут өлөрүөхсүтү 6 сылга кытаанах режимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурбут.
Ааспыт 2015 сыл олунньу ыйын ортотугар Дьокуускайга 54 саастаах киһи сүппүтүн туһунан иһитиннэрии полицияҕа, онтон муус устарга силиэстийэ уорганнарыгар киирбит. Бу киһи үлэтигэр барбыт уонна төннүбэтэх. Дьоно кини суотабай төлөпүөнүгэр эрийбиттэригэр, туруупканы атын киһи ылбыт, онтон ыла сибээс быстыбыт. Онно ити чахчынан “киһини соруйан өлөрүү” ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибитэ. Оперативниктар уонна силиэдэбэтэллэр сыралаах үлэлэрин түмүгэр, өлөрүүгэ сыһыаннаах уорбаланааччы тутуллубута.
Бу холуобунай дьыалаҕа бэс ыйын 14 күнүгэр суут бириигэбэрэ таҕыста. Суут быһаарбытынан, 2015 сыл балаҕан ыйын 15 күнүгэр киин куорат Циолковскай уулуссатыгар баар хочуолунайга төбөтө, илиилэрэ-атахтара суох эр киһи өлүгэ көстүбүт. Ол били сүппүт киһи эбит. Хочуолунайга олорор 32 саастаах киһи кинини кытта саҥа билсэн баран, арыгылата ыҥырбыт. Кыыһырсыы “эн миэхэ аҕыйаҕы кутаҕын” диэнтэн саҕаламмыт.
Охсуһуу буолбутугар, хаһаайын ыалдьытын тимир турбанан төбөҕө охсубут, охтон сыттаҕына, түөһүгэр иккитэ быһаҕынан анньыбыт. Оҥорбут буруйун кистээри, сүгэнэн төбөтүн уонна илиилэрин-атахтарын бысталаан баран, улахан мөһөөччүккэ симэн, таһааран, дьаамаҕа бырахпыт. Оттон өлүгү кыайан таһаарбакка, хочуолунайын муостатын анныгар кистээбит. Суут уурааҕынан, бу кырыктаах өлөрүөхсүт 11 сылга көҥүлэ быһыллыбыт.
Оттон Нерюнгри куоракка 60-чалаах дьахтарга бириигэбэр таҕыста. Бу сыл саҥатыгар, тохсунньу 31 күнүгэр, дьахтар бииргэ олорор киһитин кытта арыгылыы олорон, эрэ түптээх үлэтэ суоҕуттан сылтаан айдаарсыбыттар. Эр киһи дьахтары атаҕынан көхсүгэ тэппитигэр, дьахтар охтон түспүт, онтон быһаҕы хаба тардан ылан, киһитин түөскэ анньыбыт.
Манна даҕатан эттэххэ, бу дьахтар 2007 сыллаахха эмиэ эрин өлөрөн, 6 сылга хаайыыга барбыт эбит. 2012 сыллаахха болдьоҕун иннинэ босхоломмут. Бу сырыыга кытаанах режимнээх холуонньаҕа 7 сылга уураахтанна.
This post was published on 17.06.2016 13:58 13:58