Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников от ыйын 12 күнүгэр быйылгы навигация кэмигэр таһаҕаһы тиэйии хамыыһыйатын мунньаҕын ыытта.
Бу туһунан Ил Дархан пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Навигация бүтүөр диэри уу суолунан 1 мөл. 273,3 тыһ. туонна таһаҕас тиэрдиллэрэ былааннанар. Бу ааспыт сыллааҕар 50 тыһыынча туоннанан элбэх.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Амма уонна Бүлүү өрүстэринэн навигация бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Бүлүү өрүһүнэн миэстэтигэр диэри 93,3 тыһ.туонна таһаҕас тиэрдилиннэ.
Оттон Арктикатааҕы навигация от ыйын 20 күнүттэн саҕаланара былааннанар. Манна Дьааҥы өрүскэ уустук быһыы-майгы баар. Дьааҥы өрүһүнэн хоту дьон олоҕун-дьаһаҕын хааччыйарга 150,7 тыһ. туонна таһаҕас тиэрдиллиэхтээх. Онтон билигин 16,7 туонна эрэ тиэйиллэн турар. Билиҥҥитэ Баатаҕайга диэри ньиэп бородууктатын депонационнай саппааһа 1,4 тыһ. туонна эрэ тиэрдилиннэ, ол иһигэр «Сахаэнерго» АУо – 488 туонна, «Саханефтегазсбыт» АУо – 923 туонна.
Индигир өрүһүнэн «Саханефтегазсбыт» АУо 2,15 тыһ. туонна ньиэп бородууктатын Чокуурдаахтан Үрүҥ Хайаҕа диэри тиэйэр былааннаах. Таһаҕаһы тиэйии 1,1 тыһ. туоннаҕа тэҥнэһэр, 1,1 туонна тиэрдилиннэ.
Халыма өрүһүнэн 78 тыһ. туонна таһаҕаһы тиэйиини былаанныыллар. Билиҥҥитэ таһаҕаһы тиэйии 7,1 тыһ. туонна, ол иһигэр Халыма сэлиэнньэтигэр 3,5 туонна чох уонна 3,6 туонна ньиэп тиэйиллэн айаннаата.
Ааптар: Сайаана Львова, «Саха сирэ» сайт
This post was published on 13.07.2023 09:33 09:33