Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет баазатыгар АгроНТИ бастакы кылааһын үлэтэ саҕаланна. Салгыы тыа сирин оскуолаларыгар арыйар былааннаахтарын үөрэх кыһатын ректорын э.т. Константин Кривошапкин эттэ.
АгроНТИ кылааһыгар оскуола үөрэнээччилэрэ агроробот мадьыалларын илэ көрүөхтэрин уонна үлэлэтиэхтэрин сөп. Манна агророботтар, агрокоптердар, портативнай метеоыстаансыйалар бааллар. Үөрэх хайысхата оҕо кэлин тыа хаһаайыстыбатын сыыппаранан үлэлэтиигэ ылсарыгар олук ууруоҕа.
2020 сыл алтынньытыгар Саха сиригэр аан бастаан «АгроНТИ-2020» бүтүн Россиятааҕы куонкурус регионнааҕы түһүлгэтэ тэриллибитэ. 82 үөрэнээччи 26 оскуолаттан кыттыыны ылбыта. Түөрт хайысханан ыытыллыбыта: «Агроробот», «Агрокоптер», «Агрокосмос» уонна «Агрометео».
Кыайыылаахтарынан «Агрокоптерга» мэҥэ хаҥаластар, намнар, таатталар буолбуттара. «Агророботка» — Орто Халыма, Уус Майа, Хатас оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, «Агрокосмоска» — Горнай, Нам, Таатта оҕолоро, «Агрометеоҕа» таатталар, намнар, хатастар.
«Быйылгы сылтан саҕалаан тыа оскуолаларыгар АгроНТИ кылаастарын арыйар былааннаахпыт, оччотугар оҕолор кыра саастарыттан роботизацияны уонна тыа хаһаайыстыбатын сыыппаралааһыны баһылыахтара», — диэтэ ректор э.т. Константин Кривошапкин.
This post was published on 20.01.2021 12:01 12:01