Арктика урбаанньыттара грант көмөтүнэн бэйэ дьыалатын арыналлар

Хаартыска: ЯСИА архыыба

Арктика урбаанньыттара грант көмөтүнэн бэйэ дьыалатын арыналлар, ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ, суруйда «Саха» НКИХ.

«Урбаанньыттар Полярнай эргимтэҕэ олох «күөстүү оргуйарын туһугар» элбэҕи оҥороллор. Быйыл Арктикаҕа урбаанынан дьарыктанааччылар бэйэ дьыалатын сайыннарарга үрдэтиллибит көмөнү туһаннылар. Ол курдук, грант суумата ортотунан 500 тыһыынча солкуобайга тэҥ буоллаҕына, Арктика урбаанньыттарыгар мөлүйүөннүү солкуобай. Биллэн туран, бу тыйыс усулуобуйаҕа олорор, үлэлиир дьоҥҥо улахан көмө буолар», — диэн суруйда регион баһылыга.

Айсен Николаев Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа көмөтүн, өйөбүлүн иһин махтанна. Судаарыстыба баһылыгын этиитинэн олоххо киирэр «Дьоҕус уонна орто урбаан» национальнай бырайыак иитинэн Саха сирин урбаанньыттара 405 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайдаах көмөнү туһаммыттар.

This post was published on 21.12.2023 11:25 11:25