Саха сирин Арктика оройуоннарыгар сөмөлүөтүнэн барыыга — кэлиигэ субсидиялаах билиэт 2023 сыл кулун тутар бүтүөр диэри атыыланыа. Билиэти “Полярные авиалинии” авиахампаанньа саайтыгар киирэн атыылаһыахха сөп.
Арктика улуустара субсидиялаах билиэт атыылаһар кыахтаннылар. Дьаһал ордук Дьокуускай куоракка көрдөрө, эмтэнэ кэлэр, сынньана айанныыр дьоҥҥо көмөлөөх. Эрдэ Дьокуускайга диэри көтөллөрүгэр 30-ча уонна итинтэн элбэх сууманы төлүүллэрэ.
Санатан эттэххэ, ааспыт сыл тохсунньу ыйыттан Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕын чэрчитинэн, Арктика оройуоннарын олохтоохторо, саастарыттан тутулуга суох, субсидиялаах билиэтинэн Дьокуускайга уонна төттөрү көтөр кыахтаммыттара. Ону тэҥэ, авиакөтүү дьыл кэмиттэн тутулуга суох буолбута. Субсидиялаах билиэти атыылаһарга ирдэнэр докумуон да аҕыйах. Ол курдук, улахан дьонтон пааспар, 14-гэр диэри саастаах оҕолорго төрөөбүт туһунан сибидиэтэлистибэ уонна олорор сиринэн регистрациялааҕын туһунан сибидиэтэлистибэ (8 форма) ирдэнэр. Билиэти “Полярные авиалинии” хампаанньа саайтыгар киирэн атыылаһыахха сөп: https://polar.aero/ Авиахампаанньа “итии лииньийэтэ” : 8(4112)44-32-27, 88001005959
Источник: © sakha-sire.ru сайт
This post was published on 11.01.2023 09:03 09:03