Арктика улуустарын оҕолоро регион таһыгар сынньана бараллара көҥүллэннэ

СӨ вице-премьера Ольга Балабкина сайыҥҥы каникул кэмигэр Арктика  улуустарын оҕолоро өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр сынньанар кыахтаахтарын иһитиннэрдэ. Бу туһунан бүгүҥҥү брифиҥҥэ эттэ.


Саха сиригэр оҕолорго сайыҥҥы сынньалаҥнарын уонна уоппуска үгэнэ. Дьокуускайтан 8500 кэриҥэ оҕо улуустарга барда. Бачча ахсааннаах оҕо медицина кэтэбилигэр баар. Бу дьаҥ тарҕаныытын хонтуруоллуур уонна кэмигэр бохсор кыаҕы үөскэтэр.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 22 оҕо сынньалаҥын былаһаакката үлэлиир. Бары хоту эргимтэҕэ бааллар. Россия Роспотребнадзора Арктика улуустарын оҕолорун регион таһыгар таһааран сынньатары көҥүллээтэ.

Атыттарга сынньалаҥнарын Саха сиригэр  ааһалларыгар сүбэлиир. Үөрэх министиэристибэтэ бу хайысханан үлэ ыытар.

This post was published on 09.07.2020 15:01 15:01