Арктика улуустарын хааччыйыыга өссө биир санитарнай бөртөлүөт эбилиннэ

Булуҥ улууһугар саҥа санитарнай бөртөлүөт көтөн кэллэ. Ол туһунан edersaas.ru суруйар.


Саахал мэдиссиинэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ иһитиннэрбитинэн, мэдиссиинискэй модуллаах Ми-8 санитарнай бөртөлүөт “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагынан ылылынна.

Маннык бөртөлүөттэр өссө Дьокуускайга, Ньурбаҕа, Орто Халымаҕа, Мииринэйгэ, Баатаҕайга туһанылла сылдьаллар. Бөртөлүөттэр көтүүлэрин “Полярные авиалинии” хампаанньа уонна АЛРОСА (санитарнай авиацияҕа) хааччыйаллар.

Тиксиигэ кэлбит саҥа бөртөлүөт Булуҥ оройуонун сэргэ, Анаабыр, Эдьигээн, Усуйаана уонна Өлөөн курдук Арктика улуустарыгар көтүүлэри оҥоруоҕа. Ол иһигэр, электрокардиографиялаах реанимационнай монитордаах, кислороду биэрэр систиэмэлээх уо.д.а.

Мэдиссиинискэй модуль ыарыһахха оҥоһуллар көмө хаачыстыбатын тупсарар, олус ыарахан да туруктаах ыарыһаҕы көтүтэргэ уонна көтүү кэмигэр анал көмөнү оҥорорго кыаҕы биэрэр.

ЫСПЫРААПКА: 2019 сылга Саахал мэдиссиинэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин “Арктическай” салаата: — 74 санитарнай көтүүнү оҥордо; — 111 ыарыһаҕы тиэйбититтэн 23-һэ оҕо; Улуус иһигэр – 62, оройуоннар икки ардыларыгар 12 көтүүнү оҥордо.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

This post was published on 12.03.2020 17:28 17:28