Саха сиригэр судаарыстыбаннай бюджеттан Арктика улуустарын бэкээринэлэригэр 5 мөл солк тиийэ субсидия ылалларыгар быһаарыы бигэргэттилэр. Үбүлээһин килиэби астааччылар материальнай-техническай баазаларын саҥардыыга ороскуоттарын чааһын сабыаҕа.
Субсидияны биэриигэ талыы куонкурус бэс ыйын 26 — от ыйын 2 күннэригэр буолуоҕа, суруйар Арктика министиэристибэтэ.
Субсидия алын кээмэйэ — 500 тыһ солк оҥорон таһаарар оборудование атыылаһыытыгар уонна транспортировкатыгар; 2 мөл солк эбийиэк уонна (эбэтэр) бэкээринэ өрөмүөнүгэр тутуу матырыйаалын ылыыга; 5 мөл солк бэкээринэ модульнай дьиэтин атыылаһыыга.
Субсидия биэриитин бэрээдэгэ тустаах министиэристибэ официальнай саайтыгар баар.
This post was published on 21.06.2024 11:35 11:35