18 Муус устар 18.04
  • $ 94,32
  • 100,28

Арктика улуустарыгар мэдиссиинискэй көмө саҥа модела оҥоһуллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтигэр Арктикаҕа аҕыйах ахсааннаах, ыраах уонна тиийэргэ табыгаһа суох нэһилиэнньэлээх пууннарыгар  бастакы сүһүөх анал мэдиссиинискэй көмөнү оҥоруу саҥа моделын бырайыагын дьүүллэстилэр.

Оробуочай бөлөх бэлэмнэнии түһүмэҕин чэрчитинэн Булгуччулаах мэдиссиинискэй  страховканан көрүллэр ороскуоттар, ол иһигэр сөмөлүөтүнэн көтүү,  тарифтарын бигэргэттэ. Арктика 13 улууһун анал мэдиссиинискэй көмөнөн хааччыйарга мобильнай биригээдэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииннэрэ тэрилиннэ.

Киин исписэлиистэрэ көһө сылдьар мэдиссиинискэй чинчийиилэри былаанныыллар. Ону таһынан эмчиттэр нэһилиэнньэҕэ социальнай суолталаах өҥөлөрү оҥороллор. Холобур, барыллаан уонна тиһиктээх мэдиссиинискэй көрүүлэр, саа сэбин туһанарга мэдиссиинискэй  туоһулааһын, суоппар быраабын ыларга мэдиссиинискэй көрүү.

Мунньахха дьүүллэһии кэмигэр ХИФУ Мэдиссиинэҕэ институтун дириэктэрэ Николай Гоголев   Арктика улуустарыгар Дьоҕус мэдиссиинискэй академия салааларын тэрийэн, үөрэнээччилэргэ идэни талар үлэни күүһүрдэргэ  уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ бастакы сүһүөх мэдиссиинискэй көмөҕө научнай-чинчийэр үлэни ыытары көҕүлүүрүгэр  этии киллэрдэ.

«Бырайыагы Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбитэ уонна Арктика нэһилиэнньэлээх пууннарын олохтоохторо мэдиссиинискэй көмөнөн астыныыларын  элбэтэр соруктаах. Биһиги бырайыагы олоххо киллэрэргэ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин, ситэриилээх былаас кыахтарын түмтүбүт. Уопсай күүспүтүнэн үчүгэй түмүктэри ыларга эрэллээхпит. Сүрүнэ, олох уһунун уһатыахпыт уонна  нэһилиэнньэ ыалдьан өлүүтүн аҕыйатыахпыт”, —диэн доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева иһитиннэрдэ.

© sakha-sire.ru сайт

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА