Арктика улуустарыгар "күөх" рейстэр салҕаналлар

«Полярные авиалинии» арктика уонна хоту улуустарыгар аһы- үөлү тиэрдиигэ иккис түһүмэх үлэтин саҕалаата. Рейстэри «Якутоптторг» сайаапка түһэрдэҕинэ толороллор, сыл бүтүүтэ сырыылар быдан көхтөөх буоллулар диэн авиахампаанньа пресс-сулууспата биллэрдэ.

Алтынньыттан саҕалаан «Полярные авиалинии» “күөх” сырыыларынан 59 тыһ. кг аһылыгы таста. Нэһилиэнньэлээх пууннарга оҕо аһылыга, оҕуруот аһа, фрукта, халбаһыы, минньигэс уонна үүт бородууксуйата тиэрдилиннэ.

Рейстэри Муома, Орто Халыма, Өлүөхүмэ, Дьааҥы, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Усуйаана, Эбээн- Бытантай улуустарыгар таһаҕаһы тиэйэр ан-26 сөмөлүөтүнэн оҥордулар. Улуус кииниттэн ыраах сытар нэһилиэктэргэ бородуукталары салгыы Ми-8 экипаһа тиэртэ.

Сыл бүтүөр диэри өссө 10- тан тахса сырыынан, 50- тэн элбэх тоннаны тиэйиэхтээхтэр. Манна даҕатан эттэххэ, аһы-үөлү, таһаҕаһы кэмигэр тиэрдэр сыалтан, дьону тиэнэр Ан-24 сөмөлүөтү быстах кэмҥэ таһаҕас эрэ тиэнэр сөмөлүөт оҥорор гына авиахампаанньа быһаарыныы ылыммыта.

This post was published on 30.11.2021 19:01 19:01