ОДьКХ ГУТ, Якутскэнерго, Саханефтегазсбыт, Сахаэнерго уонна да атын сакаасчыктар, тиэйээччилэр-таһааччылар бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр хотугу уонна Арктика эргимтэтин улуустарыгар олоҕу хааччыйар таһаҕас толору тириэрдилиннэ. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.
«Бу сылга биһиги тэрилтэбит былаанын 100% толордо. Яна уонна Индигир кыһыҥҥы суолларын учаастактарыгар уу тахсыыта, сорох улуустарга буурҕа тохтообокко түһүүтэ бэлиэтэммитин үрдүнэн, үлэ тэтимнээхтик барда. Суолу аһаҕас оҥорор туһуттан суукканы эргиччи үлэ эрэһиимин толордубут», — диэтэ «Арктика суоллара» КТ генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта Николай Попов телебиэриигэ.
Кини эппитинэн, тэрилтэ 6 000 км уһуннаах суолу хоту уонна Арктика эргимтэтигэр көрөр-истэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи суол фондатыттан үбүлээһин тохтообокко барар.
«Үлэ кыаҕын эбэр сыалтан сылын аайы анал техника ылабыт. Былырыын уонна быйыл холбоон 40-тан тахса техника атыыластыбыт. Барыта суол учаастактарыгар тириэрдиллэн, үлэлииллэр», — диэтэ Попов.
Быйыл Эбээн-Бытантайдааҕы суол учаастага арыллыахтаах. Орто Халыма, Муома уонна Дьааҥы оройуоннарыгар суолу оҥоруу, өрөмүөннээһин үлэтэ ыытыллыахтаах. Усуйаана уонна Үөһээ Халыма учаастактара тэрилтэ көрүүтүгэр бэриллиэхтээхтэр.
This post was published on 20.04.2020 10:01 10:01