Кулун тутар 2-3 күннэригэр Москваҕа «Арктика: бигэтик сайдыы» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы сэттис төгүлүн ыытыллар кэмпириэнсийэ буолан ааста. Манна учуонайдар, араас эйгэ үлэһиттэрэ, ситэриилээх уонна толоруулаах былаас, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, урбаан эйгэтин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыннылар. Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара Хоту уонна Уһук Илиҥҥэ олоҕу тэрийии араас хайысхаларыгар сыһыаннаах боппуруостары ырыттылар. Тустаах тэрээһиҥҥэ Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Өлөөн улууһун баһылыга Лена Иванова олохтоохтор туруорсууларынан, Арктика сайдыытын соруктарын дойду экспертнай уонна научнай түмсүүтүн, дьыалабыай эргимтэтин, толоруулаах уонна ситэриилээх былааһын кытта бииргэ быһаарар тоҕоостооҕун эттэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын иһинэн Олох уйгутун тупсарыы уонна бигэтик, туруктаахтык сайдыы сүбэтин чилиэнэ Людмила Николаева кини этиитин өйөөтө уонна маннык бэлиэтээн эттэ: «Арктика эрэгийиэннэрин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларын түргэтэтэр быһаарыыны хас биирдии олохтоох интэриэһигэр олоҕуран, уопсай күүһүнэн ылыныахха наада. Манна Өлөөн улууһа холобур буолуон сөп».
Өлөөн улууһун делегациятын бастакы практическай көрсүһүүтүгэр дойду тутууга министиэристибэтин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Арктика уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын иһинэн Олох уйгутун тупсарыы уонна бигэтик, туруктаахтык сайдыы сүбэтин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Инвестицияны тардар уонна экспорты өйүүр агентствотын бэрэстэбиитэллэрэ уонна «Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарры» акционернай уопсастыба бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар. Манна Өлөөн сэлиэнньэтин маастар-былаанын, Саха сирин национальнай оройуонун уратыларын уонна кыһалҕаларын дьүүллэстилэр.
Күн бүгүн Саха сирин Арктикатыгар 68 тыһыынча киһи олорор, мантан 4113-һэ Өлөөн улууһугар. Ирбэт тоҥноох сирдэргэ тутууну ыытарга ураты ньымалары уонна технологиялары туттар ирдэнэр. Өлөөн улууһун хапытааалынай тутууга уонна сир-уот сыһыаннаһыытыгар управлениетын салайааччытын солбуйааччы Айта Винокурова, миэстэтигэр тутууну ыытарга көрсөр кыһалҕаларын ыйда: «Федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бырагыраамалары (хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү, төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт уонна тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы уонна тыа сирин кэлимник сайыннарыы) олоххо киллэрэр араас уустуктардаах. Ол курдук, бырагыраамаларга таас уонна мас дьиэлэри тутарга биир квадратнай миэтэрэҕэ олус намыһах суумма көрүллэр. Онуоха биир квадратнай миэтэрэни тутуу дьиҥнээх сыаната 2,5 төгүл үрдүк. Интэн сылтаан тутааччылар биһиги улууспутугар киирэ сатаабаттар».
Маны таһынан Айта Винокурова дьиэ сыанатын суоттаан таһааралларыгар тутуу сыанатын үрдүүрүгэр дьайыан сөптөөх арктическай уонна ыраах сытар улуустар уратыларын учуоттаабаттар диэн эттэ. Холобура, хайалаах сиргэ тутууну ыытарга тустаах улэһиттэр олус улахан сири тэҥнээн таас куталлар. Ол быһаччы тутуу болдьоҕор уонна сыанатыгар дьайар. Арктика оруойуонун таастаах буора эмиэ учуоттаммат. Онно анал тиэхиньикэни тиэйэн аҕалан туһаныахха, сезоннай үлэһиттэри аҕалан үлэлэтиэххэ наада.
Саҥа тутуллар дьиэ-уот этээһэ учуоттамматын туһунан «төгүрүк остуол» кэмигэр эмиэ эттиннэ. Билигин улууска ыытыллар тутууга түөрт этээстээх таас дьиэ макета туһаныллар буоллаҕына, Өлөөҥҥө үрдээбитэ үс эрэ этээстээх элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутуохха сөп. Итиэннэ дьиэ квадратнай миэтэрэтин сыанатын ааҕыы улуустарынан араастаһар. Холобура, ыаллыы сытар улууска сиринэн сылы эргиччи тиийиэххэ сөп буоллаҕына, Өлөөн улууһугар кыһыҥҥы эрэ суолунан тиийэҕин.
«Өлөөн холобуругар олоҕуран саҥа технологиялары туһаныыны уонна тупсаран оҥоруу ньымаларын Арассыыйа үрдүнэн сайыннарыахха сөп», — диэн Айта Винокурова бигэ эрэллээх.
Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун баһылыга Лена Иванова этэринэн, ититэр ситимҥэ, уокка, ууга холбонуу сыаната үрдүгэ эмиэ улахан кыһалҕаны үөскэтэр. Мантан сиэттэрэн тутааччылар автономнай септикатары, уунан хааччыйыы ыстаансыйаларын тутарга күһэллэллэр. Маннык хартыына Саха сирин атын нэһилиэктэригэр эмиэ көстөр. Кииннэмит канализация уонна уу ситимэ суох, ол эрэн толору хааччыллыылаах дьиэ-уот тутуллар.
Саха киһитигэр нус бараан олоҕу тэрийиини дьүүллэһиигэ Өлөөн улууһун хапытааалынай тутууга уонна сир-уот сыһыаннаһыытыгар управлениены салайааччыта Варвара Николаева ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар ититии боппуруоһа тутаах миэстэни ылар диэн эттэ. Мантан сиэттэрэн Арктика оройуоннарын ититиинэн хааччыйыыга анал бырагыраама ирдэнэрин ыйда. Манна урбаанньыттар холобурдарын ылан көрөр эбит буоллахха, ититиигэ баранар ороскуоттара кинилэр дьыалаларын улаханнык атахтыыр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын иһинэн Олох уйгутун тупсарыы уонна бигэтик, туруктаахтык сайдыы сүбэтин чилиэнэ Людмила Николаева инициативнай бөлөх кыттыылаахтарын иннилэригэр олорорго, үлэлииргэ уонна сынньанарга бары усулуобуйаны тэрийэн, Саха Арктикатын олоххо умсугутар гына оҥорор сорук турарыгар болҕомтону тарта. «Сыл аҥаарыттан ордук полярнай түүн турарыгар ордук эдэр дьоҥҥо култуурунай тэрээһиннэр тиийбэттэр», — диэн кини эбэн эттэ.
Өлөөн улууһун бэрэстэбиитэллэрэ тыл этиилэрин түмүгэр, дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэ уонна ол уопуту Саха Арктикатытын атын оройуоннарыгар тарҕатарга кытаанах баҕа санаа баара бэлиэтэннэ.
«Төгүрүк остуолга» кыттар эспиэрдэр Саха сирин норуоттарын култуураларын уонна үгэстэрин харыстыан сөптөөх олорор дьиэни тутууга бэйэлэрин технологияларын, инженернэй быһаарыныыларын туһунан кэпсээтилэр. Ол эрээри эрэгийиэҥҥэ ананан ылыллыбыт быһаарыныылар тустаах сир-уот усулуобуйатын үөрэтэн уонна илэ билсэн баран биирдэ эрэ практикаҕа олоҕуруохтарын сөп. Бу өттүгэр Людмила Николаева маннык бэлиэтээн эттэ: «Билигин биһиэхэ бастакы түһүмэх – эспиэрдэр умсугуйуулара. Кинилэр көрсөр тоҕоостооҕун биллэрдилэр, оттон биһиги тугу күүтэрбитин уонна эрэллээхпитин тиэрдэ сатаатыбыт. Кинилэр олохтоох дьоҥҥо туох наадатын учуоттаан туран үлэни ыытыахтара диэн мин эрэллээхпин».
Источник: «Саха сирэ» хаһыат сайта.
This post was published on 14.03.2023 16:01 16:01