Арктика оройуоннарыгар сыл бүтүөр диэри 350-тэн тахса ыал хаарбах туруктаах дьиэттэн көһүөҕэ

Саха сирин арктическай оройуоннарыгар сыл бүтүөр диэри 18 элбэх кыбартыыралаах дьиэни үлэҕэ киллэрэн, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүөхтэрэ. Барыта 6,6 тыһыынча кв. м иэннээх 351 саҥа кыбартыыра үлэҕэ киириэҕэ

Дьиэлэри Анаабыр, Абый, Аллайыаха, Дьааҥы, Үөһээ Халыма, Эдьигээн, Муома, Өлөөн, Орто Халыма уонна Эбээн-Бытантай оройуоннарыгар туталлар.

2024 сылга 23 дьиэ үлэҕэ киириэҕэ, онно хоту сир олохтоохторо 443 кыбартыыраны ылыахтара. Арктика оройуоннарыгар 2025 сылга диэри 496 хаарбах туруктаах дьиэттэн 8 250 киһини көһөрүөххэ наада.

This post was published on 29.09.2023 09:12 09:12