Арктика оройуоннарыгар хапытаалынай өрөмүөнү ыытыыга ороскуоттарын 30%-н эрдэ биэриэхтэрэ

СИА суруйарынан, хотугу уонна Арктика кытылынан сытар улуустарга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы ороскуотун үс гыммыт биирин бырабыыталыстыба абаансанан төлүөҕэ.


Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын мунньаҕар ОДьКХ министиэристибэтэ судаарыстыбаннай бюджеттан Арктика зонатыгар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ хапытаалынай өрөмүөнү ыытыыга абаансанан төлүөхтэрин сөбүн эттэ.
«Бу дьаһал Арктика зонатыгар ыраах сытар улуустарга тутуу матырыйаалын кэмигэр тириэрдэр сыаллаах ыытыллар», — диэтэ тустаах миниистир Дмитрий Садовников.
Бырайыак быһыытынан абаанса кээмэйэ хантыраак сууматыттан 30%.
Мунньах түмүгүнэн этии өйөннө.

This post was published on 26.06.2020 12:01 12:01