Арктика оһуобай хонтуруолга тутуллар. Навигация бүтэн эрэр

Саха сиригэр навигация түмүктэнэрэ үс нэдиэлэттэн кыра кэм хаалла. Уу суолунан 157 туонна олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар таһаҕаһы тириэрдиэхтээхтэр. Оһуобай болҕомто Артикатааҕы тиэйиигэ-таһыыга ууруллар. Ол туһунан регион бастакы вице-премьера Алексей Колодезников бырабыыталыстыба хамыыһыйатын мунньаҕар эттэ.


Алексей Колодезников иһитиннэрбитинэн, Дьааҥы өрүһүнэн тиэйиллиэхтээх таһаҕас барыта Уус-Куйгаҕа диэри илдьиллибит, Аллараа Дьааҥыга диэри 4 тыһ.тонна таһаҕас тиэрдиллэрэ хаалбыт, билигин айанныы сылдьар.

Гидромет иһитиннэрэринэн, Арктика улуустарыгар муус туруута орто кэминэн, онон уу суолунан айан сотору кэминэн тохтуура күүтүллэр.

Бастакы вице-премьер эппитинэн, Халымаҕа ыарахаттар үөскээбиттэр, уу таһыма кыратынан сэттэ суудуна айаннарыгар харгыстанан тураллар. Билигин ити учаастакка Зырянка иннинэн кыһалҕаны туоратар үлэлэр ыытыллаллар. «Земснаряд тиийэрэ 30 миэтэрэ хаалла, оччоҕуна уу тырааныспардара ааһыахтаахтар. Халымаҕа уу таһыма түһэ турар, ол гынан баран биһиги хаалбыт хотугу тиэйиини-таһыыны хайаан да ситэриэхтээхпит«, — диэтэ Колодезников.

This post was published on 26.09.2019 17:15 17:15