Арктика министиэристибэтэ уонна "Туймаада Авиа" Арктикаҕа дьоҕус авиацияны тэнитиэхтэрэ

Арктика министиэристибэтигэр Саха сирин Арктикатыгар дьоҕус авиация сайдыытын дьүүллэстилэр. Интэриэстээх тэрилтэлэр кыттыыны ыллылар.


Арктикаҕа уонна хотугу эргимтэҕэ авиация сылы эргиччи айаны тэрийэр соҕотох хайысха буолар. Өрөспүүбүлүкэ улахан аҥарын ылар хотугу улуустар социальнай-экономическай сайдыыларыгар быһаччы оруоллаах.

«АРК» тэрилтэ метеорологическай информацияны хомуйууга уонна тириэрдиигэ этии киллэрдэ. Манна адаптивнай цифровой радиолиния туттуллуохтаах.

Мунньах кэмигэр сөбүлэҥ түһэрсилиннэ. Арктика министиэристибэтэ уонна «Туймаада Авиа» Саха сиригэр дьоҕус авиацияны сайыннарыыга бииргэ үлэлэһэр буоллулар.

This post was published on 19.05.2021 16:01 16:01