СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виталий Чикачев уу суолунан таһаҕаһы тиэрдии туһунан сурналыыстарга кэпсээтэ.
— Быйылгы сорук — 1 мөл. 433 тыһ. тн таһаҕаһы тиэрдии. Бүгүҥҥү күҥҥэ былаан 50%-на туолла. Ол эбэтэр нэһилиэнньэлээх пууннарга 582 тыһ. тн таһаҕас тиэрдилиннэ, — диэн саҕалаата суруналыыстары кытта кэпсэтиини кэмитиэт салайааччытын солбуйааччы.
— Сыл аайы хоту улуустарга 400 тыһ. тн куруус барар. Быйыл эмиэ оччо былааннаммыт таһаҕас тиэрдиллээри турар. Арктикаҕа уунан айан суола от ыйын 20 күнүттэн саҕаламмыта. Саамай ыраах сытар Быков Мыска тиийэ курууһу көрсөргө бэлэмнэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ Халыма өрүһүнэн курууһу тиэйии эмиэ үгэнэ. Зырянкатааҕы чох хостуур разрезтан Орто Халымаҕа, Аллараа Халымаҕа уонна Үөһээ Халымаҕа чох тиэрдиллэн түмүктэннэ. Зеленай Мыска Абый улууһугар тиэрдиллиэхтээх таас чох мунньуллан сытар. Бу күннэргэ атын хоту улуустарга тиэрдиллиэхтээх таас чох, газоконденсат куруустанан бэлэм турар. Таһаҕаһы тиэрдиигэ 900 өрүс флота үлэлиир, — диэн иһитиннэрдэ Виталий Чикачев.
Салайааччы бэлиэтииринэн, таһаҕаһы тиэйиигэ тэриллибит анал хамыыһыйа быһаарыытынан, кэлэр нэдиэлэ саҥатыттан хоту улуустарга Дьааҥы уонна Индигир өрүстэргэ дириҥэтиини үөрэтэр оробуочай биригээдэлэр миэстэтигэр тиийэн үлэлиэхтэрэ.