"Арктика гектара" сир учаастагын анааһыҥҥа бырагыраама оҥоһуллар

РФ бырабыыталыстыбата «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагырааматыгар дьүөрэлии «Арктика гектара» бырагырааманы бэлэмниир, ТАСС суруйар.


Россия премьер-миниистирэ Михаил Мишустин РФ Арктикатын зонатын инвестордарын кытта көрсүһүүгэ «Арктика гектара» бырагыраама оҥоһулларын туһунан эттэ.

«Сокуон бырайыага баар, этиини Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэ киллэрбитэ. Сотору кэминэн сөптөөх быһаарыы ылыахпыт«, — диэтэ Мишустин.

Министиэристибэ салайааччыта Александр Козлов сокуон барыла Госдуумаҕа бэриллиэхтээҕин эттэ.

Михаил Мишустин эбэн эппитинэн, вице-премьер Юрий Трутнев суоттааһынынан, Уһук Илиҥҥэ гектары ылыыга 32 хонук барар. Маны сэргэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ бэлиэтээбитинэн, ис туризмы сайыннарыыга ылыллар миэрэлэр Арктика зонатыгар эмиэ туттуллуохтарын сөп.

This post was published on 22.10.2020 12:01 12:01