Арктика дьыалаларыгар кэмитиэт: адьырҕалары кытта охсуһуу уустуктардаах буолла

Хайа-тайҕа уонна тайҕа зонатыгар адьырҕа  элбээбитин, бу сиэмэх кыылы кытта охсуһууга дьааты туттуу бобуллубута үгүс кыһалҕалары үөскэтэрин табаһыттар этинэллэр. СӨ Арктика дьыалаларыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Алексей Киселев баар чахчылары суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ кэпсээтэ. 


Булт хаһаайыстыбатын Департамена иһитиннэрбитинэн, 2015 сыл ахсынньы 30 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ 814 бөрө бултаммыт, «Сахабулт» тэрилтэҕэ 768 тирии туттарыллыбыт.

Ааспыт сылга 122 бөрөнү бултаһар биригээдэ тэриллэн, 356 киһи анаан үлэлээбит. Бу дьон барыта 221 аһыылааҕы суох оҥорбут.

«Табаһыттар кэпсииллэринэн бөрөнү кытта охсуһуу олус уустугурбут. Ордук хайа-тайҕа өттүгэр. Урукку кэмнэргэ бөртөлүөтүнэн көтө сылдьан үөһэттэн ытыалыыллара, билигин оннук өҥөнү оҥоруу олус ыараата», — диэн СИА-ҕа Алексей Киселев кэпсээтэ.

2016 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан Саха сиригэр 156 тыһ. таба баара биллэр, онтон 109,5 тыһ. Арктика оройуоннарыгар. 2015 сылга бөрөлөр 6000-тан элбэх туундара маанылаах кыылын тардыбыттар.

This post was published on 16.03.2016 09:03 09:03