Арктикаҕа таһаҕаһы тиэйии ыарахан усулуобуйаҕа ыытыллар

Арктическай навигация суола аһыллыаҕыттан Уһук хоту оройуоннарга таһаҕаһы тиэйии СӨ нэһилиэнньэтин олоҕо куттала суох буолуутун хааччыйар кэмитиэт иһитиннэриитинэн, уустук усулуобуйаҕа оҥоһуллар. 370 тыһ. былааннаммыт тыын суолталаах таһаҕастан билиҥҥитэ 83 тыһ. тиксэрилиннэ.


Яна өрүскэ уу түһэн, Уус-Куйга-Нижнеянск учаастаакка суудуна сырыыта хааччахтанна. Индигирка өрүскэ киириигэ ньиэп бородууктатын тиэммит суудуналар өрүһүнэн айанныыр тырааныспарка сүөккэнэн, салгыы Чокурдаахха уонна Үрүҥ Хайаҕа айанныыллар. Хотугу муора суолугар Дмитрий Лаптев проливка мууска ыарахан балаһыанньа үөскээн, суудуналар уонча суукка хойутаатылар.

Оттон Халыма өрүскэ халаан кэнниттэн чөлүгэр түһэрии үлэтин ыытарга тутуу матырыйаалларын Халыматааҕы судоходнай хампаанньа Магаданскай уобалас Сеймчан бөһүөлэгин нөҥүө тиэйэ сылдьар. Дьокуускайтан Орто Халымаҕа көмө итинник ыытылынна.

Өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрэ сүрүн суолталаах таһаҕастары Мурманскай уонна Владивосток куорат пуортарыттан Хотугу муора суолунан ыыталлар. Сайын ортото саҕаламмыт кылгас кэмнээх Арктическай навигация Тиксиигэ балаҕан ыйын 1 күнүгэр, Нижнеянскайга атырдьах ыйын 20 күнүгэр, Чокурдаахха, Үрүҥ Хайаҕа атырдьах ыйын 22 күнүгэр, Анабар, Хатанга өрүстэргэ атырдьах ыйын 20 күнүгэр, Күөх Тоҕойго, Певеккэ атырдьах ыйын 25 күнүгэр диэри үлэлиир.

СӨ нэһилиэнньэтин олоҕо куттала суох буолуутун хааччыйар кэмитиэт навигация үлэтин болдьоҕо халлаан туругуттан көрөн, хаһан баҕарар уларыйыан сөбүн этэр.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

This post was published on 27.08.2018 15:45 15:45