Арктика 11 оройуонугар хочуолунайдары үлэҕэ киллэрдилэр

Анаабыр, Аллайыаха, Абый, Булуҥ, Дьааҥы, Аллараа Халыма, Өлөөн, Кэбээйи, Муома, Орто Халыма уонна Аллараа Халыма оройуоннарыгар хочуолунайдары толору үлэҕэ киллэрдилэр, диэн иһитиннэрдэ ОДьКХ уонна энергетика миниистирэ Вячеслав Емельянов.

Кини этэринэн, оттук сезона Усуйаана оройуонугар саҕаламмыт, Депутатскай бөһүөлэккэ итии бэриллибит.

Үөһээ Халыма оройуонугар бэлэмнэнии үлэлэр ыытыллан, атырдьах ыйын 31 күнүгэр итии холбонно.

«Дьокуускайга оттук сезона балаҕан ыйын 1 күнүттэн социальнай эбийиэктэргэ, балаҕан ыйын 5 күнүттэн олорор дьиэ фондатыгар үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Уопсайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ бэлэмнэнии штатнай эрэсииминэн ыытыллар», — диэн Емельянов тылларын регионнааҕы бырабыыталыстыба пресс- сулууспата кэпсиир.

Санатан эттэххэ, быйыл оттук сезона болдьоҕун иннинэ халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Дьааҥы оройуонугар холбоммута.

This post was published on 31.08.2022 09:33 09:33