Коронавирус инфекциятын эмтиир “Арепливир” (норуоттар икки ардыларынааҕы патена суох аата: “Фавипиравир”) РФ аптекаларыгар балаҕан ыйын 21 күнүттэн киириэн сөп. Ол туһунан ТАСС-ка "Р-Фарм" оҥорон таһаарааччы хампаанньа пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр. “Хампаанньа “Арепливиры” аптекаларга бэнидиэнньиктэн киллэрэрн барыа”, – ТАСС-ка "Р-Фарм" пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.