Бу күннэргэ тохтообокко түһэр ардахтар от үлэтин биллэ бытаартылар. Атырдьах ыйын 21 күнүн туругунан окко былаан 71,8 бырыһыан туолла.
Ааспыт нэдиэлэттэн саҕалаан ардах сэллээбэккэ түһэр. Сорох түгэннэргэ букатын да ыаҕастаах уунан кутар. Онон Ыспааһап таҥара ардаҕа оттооһун тэтимин биллэ атахтаата. Ити эрээри ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, кэбиһии элбэх. Атырдьах ыйын 21 күнүн туругунан улуус үрдүнэн 23136, 5 тонна от бэлэмнэннэ. Онтон ааспыт сыл бу кэмигэр 22789 тонна от кэбиһиллибитэ. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар былааннарын 59,8, бааһынай хаһаайыстыбалар 75 уонна чааһынайдар 77,3 бырыһыан толорон иһэллэр. Салгыы ардаабакка турдаҕына, отчуттар түмүктүүр түһүмэхтэригэр түһүнэн, сэрбэйбити эрэ барытын ылан, былааны толорууга күүскэ үлэлэһиэхтэрэ.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат
This post was published on 22.08.2023 17:46 17:46