Дьокуускайга «Арчы» дьиэтигэр «Сандаар» уопсастыбаннай түмсүү тэрийиитинэн сиэри-туому тутуһууга, сахалыы ньыманан эмтэниигэ, дьиэни-уоту, бэйэни ыраастаныыга аналлаах ураты сэргэх тэрээһин буолла. Түмсүүнү салайар норуот эмчитэ, психолог, медик Юлия Николаева кэпсээбитинэн, маннык хабааннаах тэрээһини кинилэр аан бастакытын тэрийбиттэр. «Элбэх киһи кэрэхсээн кэлбитэ санаабытын улаханнык көтөхтө, үлэлиир баҕабытын күүһүртэ», — диэтэ кини.
Бу күн Алгыстаах Өлөксөөн санаата улаханнык көтөҕүллэн туран түһүлгэҕэ мустубут дьону алҕаата. Ол кэннэ алгыс киһи олоҕор суолтатын, былыргы күлүүс тыллар туттуллалларын, тыл күүһүн-күдэҕин туһунан сырдатта. Салгыы оҕо сааһыттан сэгэтэн, кырачаан уолчааны күн күбэй ийэтэ барахсан имэрийэ-имэрийэ оргууй ыллаан эмтиирин, талах, үүнээйи сүмэһининэн үтүөрдэрин аҕынна. Тус бэйэтин үлэтиттэн билиһиннэрдэ. Алгыс дьайыытынан улаханнык «аһааҕырбыттарга» көмөлөспүтүн кэпсээтэ. «Сэһэн ыырын табан тутарга, киһи уйулҕатын өйдүүргэ үөрэниҥ», — диэн сүбэлээтэ.
Арина Федорова (Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училищеҕа үлэлиир) киһини уруһуйунан быһаарыы туһунан сырдатыыта болҕомтону тарта. Кини фрактальнай уруһуйунан киһини быһаарар, киниэхэ көмөлөһөр, уоскутар ньыманы үөрэппитин уонна ону үлэтигэр туһанан оҕолорго көмөлөһөрүн кэпсээтэ. Ол эбэтэр итинник уруһуйунан киһи ис туруга, санаата быһаарыллан олоҕун суолун таба тайанарыгар, алҕаһын эрдэтинэ көннөрүнэригэр, дьоҕурун сайыннарарыгар көмөлөһүннэриэн, доруобуйатын туругун билиэн, ис санаатын, оҕо туохха ордук дьоҕурдааҕын быһаартарыан, о.д.а. элбэҕи билиэн сөп эбит. Быһата, бу рентген курдук көрдөрөр, кэпсиир ньыманы дьон-сэргэ улаханнык кэрэхсээтэ, сураһааччы үксээтэ.
Айылҕаттан айдарыылаах Ольга Луговая сиэркилэни харайыыга, хаартыскаҕа түһэриигэ дьон-сэргэ туохха болҕомтотун ууруохтааҕын, тугу тутуһуохтааҕын туһунан сэһэргээбитин түһүлгэҕэ олорооччулар биир тылы сыыска-буорга түһэрбэккэ чуумпутук олорон иһиттилэр. Ольга Ильинична сиэркилэ иннигэр туран хаартыскаҕа түһэр итэҕэл быһыытынан табыллыбатын, сиэркилэ киһи санаатын, дууһатын арыйарын, онон киһиэхэ кутталлааҕын эттэ. Маны сэргэ, утуйа сытар киһини, оҕону хаартыскаҕа түһэрэри, ватсабынан оҕо хаартыскатын ыытары тоҕо сөбүлээбэтин быһаарда. Орто дойду олоҕор араас баарын, ордук санааһын, күнүүлээһин, куһаҕаны баҕарыы, о.д.а мөкүлэр хомойуох иһин элбэхтэрин ыйда. Сиэри-туому тутуһарга, итэҕэллээх буоларга сүбэлээтэ.
Онтон оҕо саадын үлэһитэ Альбина Саввинова үҥкүү хамсаныытынан үтүө санааны тиэрдии, ыарыыны эмтээһин кистэлэҥнэриттэн арыйда. Үрдүк Айыылартан көрдөһөн сүгүрүйүүгэ, куһаҕан тылы, хара дьайыыны дэйбииринэн ыраастааһыҥҥа, бэйэни, иэримэ дьиэни ыраастаныыга, үөһэттэн күүс-уох ылыыга хайдах хамсаныылары оҥорору көрдөрбүтүн видеоҕа уһуллулар, быһаарыытын сурунан ыллылар.
Кэрэхсэбиллээх көрсүһүү икки күн салҕанна. Сиэри-туому тутуһуу, арчыланыы, ыраастаныы, доруобуйаны чэбдигирдинии, кымыһынан эмтэнии, дьиэҕэ-уокка бэйэни ыраастаныы, бөҕөргөтүнүү кистэлэҥнэриттэн «Сандаар» түмсүүнү салайар Юлия Николаева, түмсүү чилиэнэ Людмила Макарова, Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училищеттан преподаватель Матрена Романова, о.д.а. кэпсээбиттэрин ыалдьыттар улаханнык кэрэхсээтилэр. Маны сэргэ Розалия Бравина «Салайынар тыллар» диэн сүбэлэрин, А.Егоров-Кыраһа Өлөксөөн хомуйан оҥорбут «Ойуу-оһуор, дьарҕаа-силик суолтатын быһаарыы», Н.Иванова-Дэлэгэй «Олох очуругар оҕустарыма» кинигэлэри билистилэр, хантан атыылаһыахха сөптөөҕүн токкоолостулар.
Көрсүһүү бүтүүтэ мустубут дьон ыйытыыларыгар толору хоруйдары ылан астыннылар итиэннэ «сандаардар» бу курдук истиҥ көрсүһүүлэри тэрийэ туралларыгар баҕардылар. СӨ култуура туйгуна Надежда Толбонова дьоҥҥо-сэргэҕэ олус туһалаах уонна наадалаах көрсүһүү буолбутун бэлиэтээтэ, махтанна. «Инникитин тэрээһин өссө сайдан, ыыра кэҥээн, сэһэргиир, билиһиннэрэр уонна үөрэтэр-такайар хайысхата далааһыннанан иһэригэр баҕарабын», — диэтэ кини.