Арассыыйа тустууга чөмпүйэнээтэ толору көрөөччүлээх барыа

Кулун тутар 10-15 күннэригэр Улан-Удэҕэ ыытыллыахтаах Олимпиада иннинээҕи Арассыыйа тустууга чөмпүйэнээтигэр саала толору буолара көҥүллэннэ. Маныаха кэккэ ирдэбиллэри тутуһуохха наада буолуо. Саха сириттэн Бурятияҕа тустуу сүгүрүйээччилэрэ бараары бэлэмнэнэллэр.


Көрөөччү чөмпүйэнээт буолуон иннинэ коронавирус ыарыыта суоҕун туһунан 72 чаастан итэҕэһэ суох кэмҥэ оҥоһуллубут лабораторнай чинчийии түмүгүн эбэтэр алта ый иннинэ ыалдьыбытын туһунан ыспыраапка көрдөрөр. Маны таһынан коронавирустан быһыы ылбытын туоһулуур докумуону көрдөрүөн сөп.

Саха сирин хамаандата 25 путевкалаах, ол эрэн эрдэ бэриллибит сайаапканан испииһэккэ 22 тустуук баар.

This post was published on 04.03.2021 15:03 15:03