Арассыыйа үһүс Аан дойду сэриитэ саҕаланарын таһаарыа суоҕа, ол эрээри, дойдуга саба түһэр түгэннэригэр тустаах эппиэти биэрэр кыахтаах диэн Арассыыйа зампреда Дмитрий Медведев эттэ. Кини этиитин РИА Новости тиэрдэр.
«Аныгы, эрэллээх уонна көдьүүстээх сэбилэниибит бүгүҥҥү күҥҥэ бэйэлэрэ эбэтэр атын дьон илиитинэн саба түһүөн баҕалаахтары уоскутар, үһүс Аан дойду сэриитин саҕалыан баҕалаахтары тохтотор. Биһиги итинник быһыы-майгы саҕаланарын баҕарбаппыт»,-диэн Дмитрий Медведев бэйэтин тус телеграм ханаалыгар иһитиннэрэр.
Кини этэринэн, Арассыыйаҕа саба түһэр түгэннэригэр, дойду бэйэтин көмүскээн, түргэн уонна күүстээх эппиэти биэрэр кыахтаах диэн куруутун санатарга күһэллэллэр.
This post was published on 18.05.2022 10:03 10:03