Арассыыйа үөрэнээччилэрэ балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа баран үөрэниэхтэрэ

Арассыыйа үөрэнээччилэрэ балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа баран үөрэниэхтэрэ. Бу туһунан үөрэх миниистирэ Сергей Кравцов «Россия 24» ханаалга эттэ.


Министиэристибэ саҥа үөрэх дьылыгар, Билии күнүгэр бэлэмнэниини саҕалаабыт. «Балаҕан ыйын 1  күнүттэн оҕолор үйэтитийбит үөрэх ньыматынан үөрэниэхтэрэ. Дистанционнай үөрэҕи киллэрэр санаабыт суох», — диэтэ миниистир.

Кини дьиэттэн олорон үөрэнии үчүгэй өрүттэрин олоҕурбут үөрэхтээһиҥҥэ эбии ньыма быһыытынан туттуохпут диэн эбэн эттэ.

Бэс ыйын бүтүүтэ Сергей Кравцов үөрэнээччилэр балаҕан ыйын 1 күнүгэр оскуолаҕа барыахтара диэн турар. Онно оскуолаларга ыарыыны сэрэтэр дьаһаллар тэриллэн эрэллэрин туһунан биллэрбитэ. Ол кэннэ миниистир Билии күнүн үөрүүлээх тэрээһинэ харыстаныы бары ирдэбиллэрин тутуһан туран үгэс быһыытынан барыахтарын эппитэ.

Роспотребнадзор салайааччыта Анна Попова Билии күнүн көрсөр бүтэһиктээх быһаарыыны атырдьах ыйын иккис аҥарыгар ылынарын РБК иһитиннэрэр.

This post was published on 28.07.2020 10:01 10:01