Арассыыйа быраабыталыстыбата уһук уонна куһаҕан суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарга босхо юридическай көмөнү оҥорорго 100 мөл. солк. кэриҥэ үбү ыытыаҕа. Маннык дьаһалга премьер-министр Михаил Мишустин оптуорунньукка илии баттаабытын туһунан ТАСС министиэристибэ пресс-сулууспаҕа сигэнэн иһитиннэрдэ.
Массыыналар салгын куттала суох буолуутугар бактерициднай облучателлэринэн хааччыллыбыттара, уонна инбэлииттэргэ, кырдьаҕастарга анаан кирилиэстээхтээхтэр. Массыыналар ыксаллаах быһыыга-майгыга эмиэ туттуллуохтарын сөп, быһылаан миэстэтигэр тахсан юридическай көмөнү оҥоруохтарын сөп, диэн иһитиннэриигэ чуолкайдаатылар.
Былырыын федеральнай үп суотугар босхо юридическай көмөнү оҥорорго 30 массыына ылыллыбыта. Судаарыстыбыннай юридическай бюро көһө сылдьар пууннарын тэрийии түөкүннээһини утары охсуһууга туһуламмыт дьаһаллартан биирдэстэрэ буолар, диэн пресс-сулууспа бэлиэтиир.
This post was published on 04.05.2022 12:03 12:03