Арассыыйа Дьоруойа  Родимир Максимов "Иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн" пуорумҥа кытынна

Хаартыска: Таатта хаһыат ТГ-ханаала

Тааттаттан улууһун Дьүлэй нэһилиэгиттэн төрүттээх Арассыыйа Дьоруойа  Родимир Максимов Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Тааттаҕа Таптал. Эрэл. Итэҕэл сылларынан кэскиллээҕи кэрэһэлиир, үйэлээҕи үксэтэр Илин эҥэрдээҕи «Иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн» пуорумҥа кыттыыны ылла, диэн Таатта хаһыат ТГ-ханаала суруйар.

Пуорум үөрүүлээх чааһыгар холобур буолар хорсун быһыыны көрдөрбүт Родимир Максимов, хас биирдии байыаска дьиэ кэргэн биһиги тыылбытынан буолар диэн бэлиэттээтэ.

«Дьиэ кэргэммит этэҥҥэ олордоҕуна бары күүһү ууран туран, хорсуннук инники диэки барабыт», — диэн истиҥ тылларынан бар дьонугар дьиэ кэргэн суолтатын үрдүктүк тутарын, сыаналыырын биллэрдэ.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ үрдүк наҕарааданы ылбыт Родимир Максимов илиититтэн Иннокентий Бояров, Ян Рахлеев, Афанасий Попов, Никифор Кутугутов, Николай Слепцов, Николай Андреев, Алексей Михайлов, Алексей Уваров «Таатта улууһа» МО баһылыгын аатыттан бочуотунай грамоталары туттулар.

This post was published on 16.10.2024 15:06 15:06