Арассыыйа бааннара ставкаларын үрдэттиллэр

 “Банк России” сүрүн ставканы үрдэппитин кэннэ, Арассыыйа бааннара кылааттар ставкаларын үрдэттилэр, диэн «Российская газета» иһитиннэрдэ.

Сбербаан

Сбербаан кулун тутар 1 күнүттэн тус дьон депозитка баар кылаатын ставкатын үрдэтиэҕэ уонна саҥа валютнай кылааты киллэриэҕэ. “СберВклад”  муҥутуур ставкта 16,5% годовой буолуоҕа (билигин муҥутуура 8%, базовайа — 7,01%),» “СберВклад Прайм” — 18% (билигин муҥутуура 9,5%, базовайа — 8,5%), «Промо Управляй» — 16% (билигин 6,7%) буолуохтара. Ону таһынан Сбербаан «Валютный сохраняй» промо кылаакка ставкатын үрдэтэн, дуолларга 5% евроҕа — 3,5 % тэҥнэһиэҕэ. «Валютный управляй» кылаатка муҥутуур ставка 3% дуолларга уонна евроҕа 2% буолуоҕа.

ВТБ

ВТБ сберегательнай бородуукталарга бырыһыаннаах ставкалары, ол иһигэр валютнай депозиттары эмиэ үрдэтэргэ быһаарыы ылынна. Сыллааҕы ставкалар солкуобайга 18 % буолуохтара, дуолларга — 5%, евроҕа — 4 % тиийиэхтэрэ. «Саҥа кэм» кылгас болдьохтоох промо кылаатка базовай ставка 10 %-нан үрдүөҕэ уонна сыллааҕы барыһа 18 %- ҥа тиийиэ. Бу депозитка үбү 6 ый усталаах болдьоххо угаллар.

«Өссө 18%- уонна 12 %- ҥа диэри — «Сейф» накопительнай суот базовай ставката үрдүөҕэ. Бырыһыан  үп-харчы суотка сытар ордугар ааҕыллар уонна ый аайы төлөнөр», — диэн ВТБ- га иһитиннэрдилэр.

Россельхозбанк

Кулун тутар 1 күнүттэн Россельхозбааҥҥа 3-6 ыйдааҕы болдьоххо солкуобайы кылааттаатахха сыллааҕы барыһа 20%-ҥа диэри улааппыт. Солкуобай мунньуллар суотугар ставка 17,5 % тэҥнэһэр.

Альфа Банк

Баан 20% годовойдаах усулуобуйаҕа солкуобайы кылааттыырга этии киллэрдэ. Саамай кыра суумата -10 тыһыынча солкуобайтан, саҕаланар, муҥутуур кээмэйэ хааччахтаммат. Үрдүк ставканы ылар туһугар бааҥҥа үс ый болдьохтоох кылааты арыйыахха наада.

“Банк России” сүрүн кылааты үрдэтжрин истээт даҕаны атын бааннар ставкаларын суһаллык улаатыннардылар. КБ бэнидиэнньиккэ сүрүн ставкатын 9,5 %- тан 20 %- ҥа диэри үрдэппитэ.

Арассыыйа экономикатын усулуобуйата төрдүттэн уларыйда, диэн киин баан баһылыга Эльвира Набиуллина тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Дьон уурдарбыт харчытын харыстыыр уонна өссө эбии уурдарыы киирэ турарын туһугар инфляция кырыымчыгын ситэрэр таһымҥа тиэрдэр гына ставкалары үрдэтиэхтээхпит», — диэтэ Набиуллина.

This post was published on 02.03.2022 17:01 17:01