"Арассыыйа араадьыйата" Орто Халымаҕа FM-диапазоҥҥа "саҥарда"

Сэтинньи 23 күнүгэр Орто Халыма куоратыгар 103,9 МГц долгуҥҥа «Арассыыйа араадьыйатын» истиэххэ сөп буолла.


Араадьыйаны Орто Халыма куорат уонна кытыы нэһилиэктэр 3,5 тыһ олохтоохторо истэр кыахтаннылар.

«Радио России», «Маяк», «Вести ФМ» араадьыйалар ситимнэрин тэнитэр соруктаах ВГТРК уонна РТРС кыттыгас бырагыраамалара УКВ-диапазоннаах передатчиктары FM-диапазоҥҥа көһөрүө. Оччотугар ВГТРК биэриилэрин элбэх киһи истэр буолуо.

Сыл бүтүөр диэри «Радио России» уонна «Вести ФМ» хабар тэриллэрин Дьокуускайга туруоруохтара.

Билигин Саха сиригэр Арассыыйа араадьыйатын FM-диапазоҥҥа 500 тыһыынчаттан тахса киһи истэр. Сыл бүтүөр диэри, былааннаммыт үлэ түмүктэннэҕинэ, араадьыйаны 567 тыһ тахса киһи истэр кыахтаныа.

This post was published on 26.11.2020 15:01 15:01