Арассыыйа академиятын бэрэсидьиэнэ Саха сирин учуонайдарын наука күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Арассыыйа Наукатын Академиятын бэрэсидьиэнэ Александр Сергеевтэн уонна РНА Сибиирдээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Валентин Пармонтан эҕэрдэ кэллэ. Кинилэр Саха сирин учуонайдарын Наука күнүнэн уонна академик Владимир Ларионов төрөөбүтэ 80 сылынан эҕэрдэлээтилэр.


Александр Сергеев

«Быйыл Арассыыйа наукатын күнэ атын кэрэ-бэлиэ күнү – саха норуотуттан РНА бастакы академига, талааннаах учуонай уонна олус үчүгэй тэрийээччи Владимир Петрович Ларионов үбүлүөйүгэр сөп түбэстэ. Владимир Петрович чинчийиилэрин түмүктэрэ Арассыыйа академическай наукатын лиэтэпиһигэр киллэриллибиттэрэ уонна кини наукаҕа оскуолатын үлэтигэр салҕаналлар», – диэн Александр Сергеев Арассыыйа науката куруук регионнааҕы кииннэринэн, ол иһигэр Саха сиринэн, күүстээҕин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Бу күннэргэ Саха сирин учуонайдара идэлээх күннэрин сэргэ саха уһулуччулаах учуонайа Владимир Ларионов төрөөбүтэ 80 сылын бэлиэтииллэр.

ЫСПЫРААПКА:

Владимир Петрович Ларионов Арассыыйа учуонайа, машиностроение салаатын исписэлииһэ, саха норуотуттан Арассыыйа Наукатын Академиятын бастакы академига, техническэй наука доктора;

1938 с. олунньу 10 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тыыллыма с. төрөөбүтэ.

1956 с. Майа орто оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ;

1962 с. Н.Э.Бауман аатынан Москватааҕы үрдүкү техническэй училищены кыһыл дипломунан бүтэрбитэ;

Үлэтин ССРС НА Сибиирдээҕи отделениетын Саха сиринээҕи салаатыттан саҕалаабыта;

1967 с. «Хрупкие разрушения сварных соединений в условиях северо-востока СССР» тиэмэҕэ диссертациятын көмүскээбитэ;

1968 с. ССРС НА СО Саха сиринээҕи салаатыгар хладостойкость отделын сыбааркаҕа лабораториятын тэрийбитэ уонна салайбыта;

1970 с. кини быһаччы кыттыытынан техническэй хайысхалаах саамай хотугу научнай-чинчийэр академическай институт аһыллыбыта;

1983 с. докторскай диссертациятын көмүскээбитэ;

1987 с. – учуонай, профессор аата бигэргэммитэ;

1986-2004 сс. – ССРС НА СО Хотугу сир физико-техническэй проблемаларын институтун дириэктэрэ;

1991 сылтан – Хотугу сир физико-техническэй проблемаларын холбоһуктаах институтун генеральнай дириэктэрэ;

1992-1997 сс. – РНА СО Саха сиринээҕи научнай киинин президиумун бэрэссэдээтэлэ;

2004 с. кулун тутар 4 күнүгэр ыарахан ыарыыттан өлбүтэ, төрөөбүт Лоомтукатыгар көмүллүбүтэ;

В.П.Ларионов аата Майа уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатыгар, РНА СО Хотугу сир физико-техническэй проблемаларын институтугар, Саха сиринээҕи физико-техническэй лицейгэ, «Свет-Сырдык» аһымал пуондаҕа, 58,77 караттаах алмааска иҥэриллибитэ;

Лоомтука сэлиэнньэтигэр В.П.Ларионов аатынан мусуой-дьиэ аһыллыбыта;

Майа орто оскуолатыгар мемориальнай дуоска аһыллыбыта, оскуола таһыгар академик бюһа туруоруллубута.

This post was published on 07.02.2018 16:31 16:31