Прогрессивнай үөрэхтээһин института Арассыыйа үөрээх министиэристибэтигэр туһаайан, тэйиччиттэн (дистанционнай) үөрэҕи ыытыы халыыбын киллэрэри эттэ. Бу туһунан RT суруйар.
Институт бэлиэтииринэн бэйэни хааччахтааһын кэмигэр үөрэх тэрээһинэ ситэтэ суох, оҕолор бэйэлэрэ үөрэнэллэр, уруогу ыытыы көрүҥэ быһаарыллыбатах.
«Тэйиччиттэн үөрэх, үөрэтии ситимигэр ыкса киирэн эрэринэн, үөрэҕи ыытыы халыыбын толкуйдууру көрдөһөбүт», — диэн суруллубут сурукка.
Экспертэр алын кылаас үөрэнээччилэригэр дьиэҕэ үлэни биир чааска диэри кыччатары, орто сүһүөххэ – икки чаастан элбэҕэ суох, үөһээ кылаастарга – үс чаастан элбэҕэ суох кэми болдьууру этэллэр.
Маны таһынан, булгуччу толоруллуохтаах итиэннэ булгуччута суох дьиэҕэ үлэлээх биридимиэттэри араарары сүбэлилллэр.
Кинилэр биридимиэттэри бэйэ үөрэтиитигэр көһөрөрү утараллар.
This post was published on 20.10.2020 15:01 15:01