Минфин Арассыыйаҕа 2019 сылтан идэ көмөтүнэн киирбит дохуокка 3 бырыһыаннаах түһээни киллэрэргэ этии киллэрдэ. Маны бэйэ дьарыктаах, кэтэх өҥөнү оҥорор дьон төлүөхтэрэ: оҕо көрөөччүлэр, дьиэ көрөөччүлэр уонна да атын дьон. Бу туһунан РИА Новости-га үп миниистирин солбуйааччы Илья Трунин эттэ.
Министиири солбуйааччы Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Минфиҥҥэ билигин көҥүлэ суох үлэлиир бэйэ дьарыктаах дьоҥҥо табыгастаах нолуок режимин олохтуурга сорудахтаабытын санатта.
СИА.